Page 14 - Сахаайа Ермолаева Күөрэгэйим ыллаата
P. 14

СлАС  УОННА ОЛОХ
             Сандаархай  күннэрдээх,  үорүүлээх
                                                 кэскиллээх,
             Иэйиилээх  кэрэ  саас  суһаллык  бу кэллэ.
             Хатааннаах дьыбардаах,  адьырҕа  буурҕалаах
             Кыыдааннаах  кыһыны  оһүонүн  оһүллэ,  —
             Дьулаанын  тохтотто,  тыйыһын  уоскутта,
             Дьоллонуу төрүтүн  саҕалаан  оҥордо.
             Аалай  күн  уотунан  күндээрдэ  сырдатта,
             Будулҕай  халлааны  кыымынан  толордо,
             Хаарынан  бүрүммүт,  дөйүорэ  хатаммыт
             Хара  сир  эйгэтин  олгөмнүк  чэлгиттэ,
             Элиэнэ  эбэбит тоҥ  мууска хаайтарбыт
             Эрэйин  тимирдэн,  көҥүлүн  эргиттэ.
             Оҕочоос  санаабар  олохпут даҕаны
             Олуһун  маарынныыр  бу уустук  костүүгэ.
             Кыһыны  баһыйан  кыйдаабыт  сааскыны
             Кытыара  корөбүн  мичээрдээх  үорүүгэ.
                                    *  *  *

                    Бүтэй  түүн  уулуссалары
                    Хара тыынынан  бүрүйдэ.
                    Ону арчылаан  ыһаары
                    Чаҕылҕан  күлүбүрүйдэ.
                    Мунчаарыы  мин  сырдык  санаабын
                    Хараҥанан  үтүрүйдэ.
                    Онтон  эмискэ  ол санньыарбын
                    Толопүөн  тыаһа үрэйдэ.

                               К и һ И  АНАЛА

             Хас  киһи  бу  сиргэ  торообүт  аналын
             Толорор  туһугар  олорон  ааһыахтаах.
             Норуотун,  дойдутун  дьоһуннаах  махталын
             Ыларга  дьулуһан  дьоҕурун  аһыахтаах.


                                      12
   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19