Page 16 - Сахаайа Ермолаева Күөрэгэйим ыллаата
P. 16

Жоҕо?
                Харчыта  суоҕу харчылаах  сэниириттэн
                Хааным  тоҕо  хамсыырый?
                Кырдьык  ситэри  этиллибэтиттэн
                Кыламаным  тоҕо ууланарый?

                Сүүлүк,  албын  үксүүрүттэн
                Сүрэҕим  тоҕо  мөхсөрүй?
                Сымыйа хайҕабылга тиксэриттэн
                Сымыһахпын  тоҕо  быһа  ытырабын?
                Туола илик  сырдык  санаам
                Туоларын  тоһө  өр  кэтэһиэмий?
                Хараҥата үгүс  олоҕум  халлаана
                Хаһан  тилэри  сырдыаҕай?

                Уһун  ардах  кэнниттэн  күнү күүтэрдии,
                Ону кордүүбүн  олох  ойууругар,
                Ону ситистэхпинэ  эрэ  мин  этиэм:
                "Олоробун  дьон  тэҥинэн дьоллоохтук!"

                           .Й/АЙДАХ  СИТИҺЭБИН?

             Мин  хайҕаабаппын  атыттар  хайгыыллар:
             "Биһигини  батыс,  биһигиттэн  үөрэн..."  —
                                                 дииллэр.
             Мин  собүлээбэппин  атыттар  собүлүүллэр:
             "Биһиги  билэбит,  биһигини  ылын..."  —
                                                 дииллэр.
             Хайҕаспатахпына  — туоратыллабын:
             Барар  сирим  баҕана үүтэ  буолар.
             Сөбүлэспэтэхпинэ  —  итэҕэлтэн  тахсабын:
             Сөбүлэһэр  да  киһим  туора хаамар.
             Оо,  олох,  үчүгэй да  буолларгын  ыаргыан:
             Бэйэ  санаатынан  көнөтүк  олорор
                                          ыараханыан!

                                      14
   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21