Page 19 - Сахаайа Ермолаева Күөрэгэйим ыллаата
P. 19
ОлОХПУН САҔАЛААТЫМ ЭРЭ
Мин сүрэхпэр — олох тыалырар
Арыт тымныынан, арыт сылааһынан.
Олоробун салгыбакка ол да иһин, —
Байабын ол утарсыыларынан.
Мин өйбөр — олох тыалырар
Арыт кырдьыгынан, арыт сымыйанан.
Олоҕу дьиктиргиибин, ол да иһин, —
Таабырыннарын таайаары дьулуһан.
Мин дууһабар — олох тыалырар
Салгын, буор, ийэ куттарынан.
Олоробун саха буолан, ол да иһин, —
Үрэллиэ суохтаах ус куппар сугуруйэн.
Үс, сэттэ, тоҕус ахсааннарынан
Тогурутуллубут толкобор эрэнэбин.
Олортон ус бастакыларынан
Олохпун саҕалаатым эрэ диибин.
Будуруйэн да тураммын,
Тулуһарга дьулуһабын.
Тоһе даҕаны мунчаардарбын,
Үчүгэйгэ туруулаһабын.
"Олох — охсуһуу!" — дииллэр дьон.
Ону мин чахчы итэҕэйдим.
Итини эрдэ билбэтэхпэр
Элбэҕи сүтэрэн итэҕэстийдим.
Ол эрээри адьас билбэккэ
Сылдьардааҕар, хойут да билбиппин
Сирбэппин: халтарааҥҥа, хаарга-
силбиккэ
Мунарбар, ол эркээйим буолуо
диэхтээхпин.
II 17

