Page 28 - Сахаайа Ермолаева Күөрэгэйим ыллаата
P. 28
И к кис тог үлэ
(уҮҮС САНАА - СҮҮС ХОҺООН
2010
2000 -
1 Санааларбын — саҥа хоһооннорбун
Саҥа дьылтан саҕалаатым.
Чысхааннаах, чэгиэн тыыннаах
Чыпчархайын өрө уунна...
Сирээһинтэн — чиэһинэйин,
Хайҕааһынтан — сэмэйин
Мунньан суолбун солонуом:
Мунуом-тэниэм, дьоллонуом...
2 Силлабика хоһооннор —
Биир бирикээһи толорор
Саллааттары санаталлар,
Верлибр хоһооннор —
Көҥүл дуолга коччүйэр
Көтөрдөргө маарынныыллар.
Ол иһин миэхэ кинилэр —
Олох уустугун оонньотор
Истинаны буларбар
Икки кынатым буоллулар.
3
Олоҕум, санаабын күҥҥэ
Уонна-сүүстэ уларытаҕын:
Арыт — томороон тохсунньугун,
Арыт — ылааҥы муус устаргын...
Дьоҕус билиибиттэн дуу?
Эбэтэр
Дьон араас сыһыаныттан дуу?

