Page 31 - Сахаайа Ермолаева Күөрэгэйим ыллаата
P. 31

13  Үчүгэйтэн  —  күлүктээҕин,
          Куһаҕантан  —  сырдыктааҕын
          Булар  мындыр  дьоҕурдаахтар,  —
          Дьону таба  сыаналыыллар.

       14  Чаҕылыс  гыммыт хоһооммор
          Чыычаах  буолан  көтөбүн.
          Ол кэмҥэ  поэзия  кэрэтин
          Ордук  үрдэтэн  өйдүүбүн.

          Оччоҕо  — дьон  барыта үчүгэй!
          Олоҕум  —  наар  ыллыыр  күөрэгэй!

       15  Баһааҕырдар  ырытааччылар,  —
          Былыттаах  сарьталлар.
          Көнө  сыанаһыттар,  —
          Күннээх  саһарҕалар.

          Кинилэр  иккиэн  туһалыыллар:
          Киммин  чуолкайдыырбар  туһулууллар.
       16  Сааһырбыт дьон  тус-бас
          Саҥаларын  дьиктитэ,  —
          Ыраас  күһүҥҥү түүн
          Ыйдаҥатын  кэриэтэ.
       17  Араадьыйаҕа  мэлдьи  этэллэр:
          "Айыы  киһитэ,  саҥа  үүммүт  күҥҥэ
         Айыы  суолун  тутус!.."  —  дииллэр.

          Итини  барытын  сөбүлүүбүн
          Итиэннэ  ыйытабын:
          "Көнө-мааны  атаҕастанар,
          Көлдьүн-албын  арбаныллар,
          Түөкүн-сүүлүк  өрө тутуллар
          Түгэнигэр  хайыыбытый?"

       18  Эйэргиир  сулустары  одуулуубун
          Эдэр  киһи  хараҕыныы.

                             29
   26   27   28   29   30   31   32   33   34   35   36