Page 29 - Сахаайа Ермолаева Күөрэгэйим ыллаата
P. 29

4  Көннөрүттэн  — дьиктини  буллахпына,
         Көстөртөн  —  көстүбэти  көрдөхпүнэ,
         Биллэртэн  —  биллибэти  биллэхпинэ  —
         Биирдэ  дьэ  этиэм:  "Мин  дьоллоохпун!"

       5  Истиҥи  истэн  —  иэйии  киирэр,
          Муударай  тылтан  —  өй уһуктар,
          Сылаастан  —  сүрэх  сылаанньыйар...

         Үчүгэй  дьоннор  —  оннуктар,
          Үрүҥ  айыыһыт  курдуктар.

       6  Мин  билигин  олохпор
          Мичээри  кытта  сылдьабын.
          Үлэ-хамнас  үөһүгэр
          Үлүһүйэн  кыттабын.

          Көтүмэхтик  олоробун  дуу?
          Көтүмэҕи умна  сатыыбын  дуу?

          Көннөрү дьоннуун  көннөрүбүн,
          Көнөлөрүн  сөбүлүүбүн.

       7  Кыыда  маҥан  баттахтаах
          Кырдьаҕастар  саҥаларын
          Манньыат  курдук  мунньабын:
          "Бастыҥ  баайым  —  ол!"  —  диибин.

          Баҕар,  ол хойутун
          Валюта  буолан  эргийиэ.

       8  Күлүмнүүрү  санааммын,
          Күөмэйим  кычыгыланар.

          Оччутуй  норуотун дьоллоору
          Охсуспутун  туһугар  —
          Ыраахтааҕы  былааһа
          Унга  сутуругунан

                              27
   24   25   26   27   28   29   30   31   32   33   34