Page 48 - Сахаайа Ермолаева Күөрэгэйим ыллаата
P. 48
Хомуурунньутум оҕоойугу11
Курас-аһыы, арыт пьулууп
Отонунан толоробун...
Онтон буллум дуоһуйуубун.
69 Улуу Пушкин кырдьыгы
Олус да күүскэ эппит:
"Мы все учились понемногу
Чему-нибудь и как-нибудь".
Киһи-аймах өйүн-санаатын —
Кинигэни ааҕарга
Бэргэн ити этии
Миигин кымньыылаата.
"Лучше поздно,
Чем никогда!"
70 Ааспыт үйэлэри сайдыыбытынан
Аһардыбыт ахан дэнэр кэмҥэ
Пушкин дьонун итэҕэһэ.
Бу, бүгүн тоҕо хатыланар:
"Мы почитаем всех нулями,
А единицами — себя"?...
71 Сааскы саҥа, кыһыҥны эргэ
Салгынтан үоскүүр дьэргэлгэн.
Олоххо саҥа, эргэ
Охсуһуута — улуу дьэргэлгэн.
Бэл тылга саҥа, эргэ
Былааһыыта — бүппэт дьэргэлгэн.
Миэхэ саҥа, урукку эргэ
Хоһооннорум эмиэ дьэргэлгэн.
72 Үөрэр харах тырымныыра —
Үрүҥ түүнүм үрүмэччитэ,
46

