Page 51 - Сахаайа Ермолаева Күөрэгэйим ыллаата
P. 51

Оччоҕо логический  ыйытык
          Ойоҕостон  үөскүүр:
          "Ордук  суобаһа  суохтар  —
          Оччоҕо  баайдар  дуо?"

       79  Хоһооннорбун  ааҕааччылар
          Хомноомоҥ  бука,  баһаалыста,
          Миигин:  "Мораль  ааҕар..."  —  диэмэҥ,
          Бэйэбин  чинчинэбин.

       80  Олох  ис  эриэнин  арыйан,
          Оҕонньоттор  сэлэһэллэр:
          "Улаханнар  уорар  буоланнар,
          Ортолор,  оччугуйдар
          Ол холобуру батыһаллар..."

          ...Оттон  мин  махтанан  ойдоотүм  —
          Олох  үчүгэйигэр  эрэ  үорэппит
          Оскуолатааҕы учууталларбын.

       81  Белоруссия  президенэ  Лукашенко
          "Бэрээдэги  коннорүүнү,
          Бэриги,  коррупцияны ууратыыны
          Бэйэтт^н  саҕалыахха..."  — диэн
          Дуоһунастаахтарга туһаайбытын
          Дьоннор  биһирииллэр.


          Арыт  эбэн  этэллэр:
          "Арай  оннук  көннорүүнү
          Андропов  саҕалаабыта..."  — дииллэр.

          Мин  "түүлээх холбукабар"
          Билбэтим  эбиллэн  иһэр:
          "Куруук хардарыта холуннарсар
          Коммунизм,  демократия
          Коррупционердара тоҕо  үохсүбэттэр ?"


       4— 11                 49
   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56