Page 54 - Сахаайа Ермолаева Күөрэгэйим ыллаата
P. 54

Тимир  суол кыайан-хотон
                 Тилэри  сүүрэн  тиргиллэр.

                 "Мин дьиэм  ыраах  турар,
                 Миэхэ  куттал суоһаабат",  —  диэн,
                 Түмсүүлээх  буолартан  аккаастаныы
                 Төһө сөптөөх  өйдөбүлүй?!

              87  Хоп-сип,  сорох дьахтар  курдук,
                 Хостон-хоско  хобутунуур.

                 Холуннарсыы,  сорох  эр  киһи  курдук,
                 Хонтуораҕа  хонтооруҥнуур.

                 Өһүөннэһии,  өстөһүү
                 Үһүс  муннугу үескэтэр.

                 Хараҥа  быһыы
                 Хайдах түмүктэнэрин
                 Хайабыт да  билэр...

                 Оччоҕо  —
                 Ону сэмэлээбэккэ,
                 Билэ-билэ
                 Билбэтэҕэ  буоларбыт,
                 Көрө-корө
                 Корбөтөҕө  буоларбыт  —
                 Түмсүүбүтүн  сатарытарбыт
                 Төлкөбүтүгэр  охсоорой?

              88  "Барар  сирэ  —
                 Баҕана  иинэ,
                 Кэлэр  сирэ  —
                 Кэлии  үүтэ"  буолбут
                 Арбита  бэйиэт  муҥурданыытын,
                 Грибоедов  "өйүттэн  муҥнаныытын"
                 Билиилээхтэр  кэпсэтэллэрин
                 Биһирэмнээн  истэбин.
   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59