Page 11 - Дорообо оскуола
P. 11

Уйгу сирэ - Уус Алдан


                                                  В. Парников, И. Сыроватскай тыллара,
                                                                        В. Парников мелодията



                            Байаҕантай, Дүпсүн сирэ

                            Бороҕоннуун сүбэ булан,

                            Алдан, Лена тардыытыгар
                            Айар-тутар, үүнэ турар.




                                  Күүстээх үлэ күүрэр сирэ
                                  Төрүт дойдум Уус Алдан,

                                 Удьуор саха ууһуур, сайдар

                                 Уйгу сирэ - Уус Алдан.



                            Лөгөй Тойон ото корен

                            Нууччалардыын доҕордоспут,

                            Күлүмнүүртэн өркөн өйү
                            Үөрэх-сайдыы суолун туппут.




                                 Дьоһун-мааны чулуу дьонноох
                                 Дьоллоох дойдум - Уус Алдан,

                                 Удьуор саха ууһуур, сайдар

                                 Уйгу сирэ - Уус Алдан.



                            Хабырылла Дьөгүөрэптэн

                            Үлэ, сэрии геройдардаах,

                            Аан дойдуга тиийэ туойбут
                            «Кэнчээрилиир» ыччаттардаах.




                                  Талба талаан тахса турар
                                  Таптыыр дойдум - Уус Алдан

                                 Удьуор саха ууһуур, сайдар

                                 Уйгу сирэ - Уус Алдан.
   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16