Page 9 - Дорообо оскуола
P. 9
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөйүн ырыата
С.И. Тарасов, М.Е. Тимофеев тыллара,
К.А. Гэрасимов музыката
Сахам сирэ дьоллоох тускуга
Саһарҕалыы ыҥыра ыллыыр.
Илинтэн арҕаа ол кустуга
Алмаас таас курдук сандаара сырдыыр.
Хос ырыата:
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута -
Модун Россия киэн туттуута,
Өркөн өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!
Үллэр үөстээх Өлүөнэ Эбэ
Өлбөт мэҥэ угуттуур уулаах.
Элбэх омукка эрчим эбэр,
Или-эйэни олохтуур уохтаах.
Хос ырыата:
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута -
Модун Россия киэн туттуута,
Өркөн өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!
Ааспыт кэммит айхаллаах суола
Арчылыыр аар алгыһын биэрдэ.
Сахабыт сирэ дьоһун, дуолан
Сайдыы аартыгар түөрэҕэ түстэ.
Хос ырыата:
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута -
Модун Россия киэн туттуута,
Өркөн өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!

