Page 14 - Дорообо оскуола
P. 14

Төрөөбүт улууспут 95 сыла

                                                         Саха АССР Киин Ситэриилээх Коми-

                                                    тетын 1930 сыл тохсунньу 9 күнүнээҕи
                                                    уурааҕар олоҕуран Бороҕон, Дүпсүн, Ба-
                                                    йаҕантай улуустарын холбоон, Уус Алдан
                                                    (Аллан Төрдө) оройуонун тэрийбиттэрэ.
                                                    Ол кэмтэн ыла биһиги бу күнү улууспут

                                                    төрүттэммит күнүнэн бэлиэтиибит.
                                                         Төрөөбүт-үөскээбит дойдубут үйэлэр
                                                    тухары үс саха сүгүрүйбүт Өлүөнэ, хара

                  тыатыгар быстыбат бултаах-алтаах, күөх далайыгар көмүс хаты-
                  рыктааҕынан аатырбыт Алдан өрүстэр тардыыларыгар тоҕуору-
                  һан олохсуйбут төрүт саха дьонун тыа хаһаайыстыбатынан дьа-
                  рыктанар, үтүө үгэстэрдээх биир бөдөҥ улууһунан биллэр.
                       Оройуон тэриллибит бастакы сылларыттан Уус Алдан дьоно-

                  сэргэтэ олохтообут үтүө үгэстэрэ - мэлдьи инники, мэлдьи бас-
                  тыҥнар инники кирбиилэригэр тахсар үрдүкү сыал-сорук тула ыга
                  түмсүү. Оннук этэ. Оннук буолуо да турдаҕа.
   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19