Page 11 - Портнягин. Муру алаас барыбыт биьигэ
P. 11
Ill I
Illi Illi it Illi III
сайылыкка сайылаабыппыт. Биир сайын Сэмэн Кырылыай диэн
эдэрчи, элбэх кэпсээннээх киһи, миигин аргыс оҥостон, ыһыахха
ат сүүрдүүтүн көрө диэн ааттаан, саргы сатыы Бороҕоннообуп-
пут. Сайылыктан Мүрү Эбэ чугас, көс кэриҥэ буолуо. Сыҥаһа алаа-
һынан тахсан, Кыһыл Сыыр аартыгынан Эбэҕэ киирээт сынньам-
мыппыт. Өйүөбүтүттэн аһаан, чэй иһэн, үссэммиппит. Онно олорон
Сэмэн: «Ити көстөр Куотука аартыгынан былыр Майаҕатта буха-
тыыр «Кыыс Хаҥа» сайылыгыттан кэлэн, ол көстөр Чомчоҕой ту-
мулу үөһэнэн быһа түһэн, Аччыгый Эбэнэн былыргы дьаам суола
оҥоһулла сылдьыбыт Бурҕаанай үрэҕинэн Танда үрэҕэр тиийэн,
Бээрийэнэн Алдан өрүскэ тиийэ сылдьара үһү диэн кэпсииллэрэ»,
- диэн сэһэргээбитэ. Биирдэ да «Муосталаах аартык» диэбэтэҕэ,
наар «Куотука аартыга» диирэ. Онон сабаҕалаатахха, улахан ытык
сирдэр аартыктарын ааттара устуоруйа сорох кэрдиис кэмнэригэр
уларыйан, саҥардыллан ылар булуохтарын сөп. Баҕар Муосталаах
диэн аат, кэлин 1930 сыллаахха, бастакы холкуостар тэриллибит-
тэрин да кэнниттэн туттуллубут буолуон сөп.
2. Кыһыл Сыыр аартык.
............. Хатыҥ Сыһыы сайылыктан Тойон Мүрүгэ кэлэр сүрүн
суолга сэрии бүтүөр диэри Сыҥаһа алааһынан быһа Кыһыл
(< Сыыр дэнэр аартыгынан киириллэрэ. Билигин бу аартык кумах,
гравий таас үктэллэнэн бороҕоттор Аппапла Бэстээххэ киирэр-
гравий таас үктэллэнэн, бороҕоттор Аллараа Бэстээххэ киирэр-
гэ оҥоһулла сылдьар сүрүн айан суоллара буолан турар. Сэрии
кэнниттэн «Хатыҥ Сыһыы» холкуос киин бөһүөлэгэ Сыҥаһа III
алаастан аныгы сырдык олоххо тардыһан, Мүрү Эбэ арҕаа куу-
латыгар хатырык быһыт кырдалыгар көһөрүллүбүт. Онон соҕу-
руу нэһилиэктэр Хатыҥ Сыһыы сайылыктан Мүрү Эбэҕэ суол
солонон, бөһүөлэги ортотунан айаннаан, Кыһыл Сыыр аартык-
ка тиийэр буолбуттара.
3. Хаһыылаах аартык - Аккыырай аартыга.
Бу аартык Мүрү Томторугар Таҥара дьиэтэ тутуллан үлэҕэ
лаппа киирбитин кэннэ 1820-1825 сыллар диэки оҥоһуллубут
буолуон сөп. Ол иһин Аккыырай аартыга дэннэҕэ. Бу аартык-
тан ырааҕа суох Хатыҥ Сыһыы сайылыктан 7-8 биэрэстэлээх
сиргэ «Балаҕаннаах дьаама» диэн дьаам сүүрдээччи Миитэрэй
Кырылыай кырдьаҕас олоҕо баара. 1951-1954 сылларга диэри
1111
))

