Page 12 - Портнягин. Муру алаас барыбыт биьигэ
P. 12
Ill I
if
- (_уцҮРҮ алаас - барыбыт биһикпит
Бэрт Ууһун нэһилиэгин ферматын үлэһиттэрэ кыстыыллара. Бу
дьаам өтөҕүттэн суол икки аҥы арахсан, айанньыттар «Ыаҕа-
йалаах» сайылыгынан эбэтэр «Хатыҥ Сыһыы» сайылыгынан
сайынын быһа Аччыгый Эбэҕэ түһэннэр, былыргыта Бороҕон
улууһун киин бөһүөлэгэр Мүрү Томторугар тиийэн тохтууллара.
Онтон саас аттаах, оҕустаах «Хатыҥ Сыһыы» сайылыктан Мүрү
Эбэҕэ быһа Хаһыылаах (хаһыллан намтатыллыбыт) аарты-
гынан киирэннэр, Чомчоҕой тумулу эргийэ түһэннэр, мууһунан
Томтор бөһүөлэгэр тахсаллара биллэр.
5)^
I
4. Хараҕа Төрдө.
Хараҕа Төрдө аартык Мүрү Эбэ бастакы көс олохтоохторун!———
ааттарын кытта быһаччы ситимнээх, былыргы быыһыктаах үйэ-
лэр суруллубатах кэмнэриттэн айан дьоно бөҕөтө аарыгырбыт,
иитиллэн олорор улуу Эбэбит ытык кырдьаҕас аартыктарыттан
биирдэстэрэ буолар диэн саарбахтаабакка этиэххэ сөп. Бу ытык
■■■I аартыгы утары сарсыардааҥҥы аламай маҥан күн көрбүтүнэн ■■■■ ш
тахсар, киэһээҥҥи сылбай сөрүүн күн күлэ-көөчүктэнэ киирэр.
Эбэ биир саамай кэрэ көстүүлээх, ааттыын да «Эбэ Томторо» дуо?»
дэппит, көбүөрү тэлгэппит курдук күөх сукуна хонуутугар «Аллан
Төрдө» оройуон үлэһит дьоно бастакы бөдөҥ тэрилтэлэрин тутуу-
ларын саҕалаабыттара.
Эбэ Томторо арҕаа диэки сыыйа намтаан, арыы тоҕой тыа-
ларынан күлүктэнэн, Хараҕа Төрдө аартык арҕаа эҥээригэр кэккэ-
лэһэ сытар, былыргыта Чаарыас тумса дэнэр кэҥэс үөс хонуу диэки
сыҕаллар. Бу арыы тоҕой тыалар саҕаларыгар 1892-1895 сыллар
диэки урут Бороҕон улууһугар кулубалыы сылдьыбыт Галактио
нов Дмитрий Филиппович кэргэнэ Өлүүтэлиин уонна үс иитиэх
уолаттарыныын олоро сылдьыбыттара. Кинилэр Верхоянскайга
уонна Охотскайга ыытыллар мунньуллубут таһаҕас тиэрдиитин
===дьаһайан, улахан эппиэттээх үлэни толорон олорбуттар. Бу кэпсэ-===
нэр Томтор сыыйа намтаан киирэр арҕаа баһа урут Быһаҕас Аан
Тумул дэнэрэ үһү. Кэлин Галактионов оҕонньор олохсуйа сылдьы-
бытынан, Суруксут тумуһа диэн ааттаммыт.
5. Сиэллээх аартык.
Сиэллээх аартык Мүрү Эбэ адьас уһук илин хонноҕунан
тахсар. Билбэт айанньыт бэркэ ыйдаран булар, баччааҥҥа диэ-

