Page 15 - Портнягин. Муру алаас барыбыт биьигэ
P. 15
I
МҮРҮ ЭБЭҔЭ УУ КИЛЛЭРЭР СҮРҮН ҮРЭХТЭРЭ
1. Дьэҥкиидэ - Илин үрэх.
Мүрү Эбэҕэ сүнньүнэн үс үрэх ууну киллэрэр диэххэ сөп.
[лин өттүнэн Дьэҥкиидэ диэн ааттаах улахан үрэх былыргы
та Мас үрэх дэнэр, дэлэй уулаах Танда үрэҕиттэн саҕаланар.
Дьэҥкиидэ үрэх үс көс усталаах, олохтоохтор судургутук «Илин
үрэххэ сайылаатыбыт», «Илин үрэххэ оттуу таҕыстылар» диэн
кэпсэтээччилэр. Үрэх саҕаланар төбөтүн диэки икки салааҕа
арахсар үһү. Хоту салаатын Чараанай үрэҕэ, соҕуруу өттүн Ору-
луоптар үрэхтэрэ диэн чуолкайдаан ааттыыллар. Бу үрэх сүн-
ньүгэр элбэх күөллэр үөскээбиттэр. Дьэҥкиидэ күөлэ, салгыы
Унньусуйа, Мандаайы, Мэҥиэлээх, икки Бээбиктэлэр, Тыама,
Нимсики, Халлаайы уонна Ньамырҕатта дэнэр күөллэр бааллар.
Illi Illi III Illi III
2. Бурҕаанай үрэҕэ.
Былыр-былыргыттан Өнөр, Таргылдьыма эргин олохтоох
Дүпсүн улууһа дьоно сылдьар аччыгый Эбэ халдьаайы сыыры
илин уһугунан былыргы дьаам суола Бурҕаанай диэн улахан кии-
III |,ц рии үрэҕинэн үөһэ диэки сыыйа өксөйөр. Бу үрэх Холлоҕостоох
үрэҕин хоту өттүнэн Байдыманан, Мүрүлэнэн сүүрдэн Бээрийэ -
Танда үрэҕиттэн аччыгый эбэҕэ уу киллэрэр. Бу үрэх сүнньүгэр
эмиэ элбэх күөл, оттонор ходуһа сирдэр бааллара биллэр. Олор-
тон Байдыма, Малбаарыкы, Дириҥ, Бэтиччимэ уонна Мүрүлэ
диэн биллэр-көстөр сирдэр баалларын ааттаталыахха сөп. Бээ
рийэ үрэҕэр уу толору кэллэҕинэ, сорох дьыл Бурҕаанай үрэҕэ
Мүрү Эбэҕэ быһа Халдьаайы сыгынньах сыыр аппаларынан, II
былыргыта Орто Сурт дэнэр Эгий баай олоҕунан ууну күүскэ кил- ■■■■'
лэрэр кэмнэрдээҕэ үһү.
3. Буочара үрэҕэ.
Чараҥ бөһүөлэгин хоту өттүнэн түһэр үрэҕи олохтоох-
тор Буочара үрэҕэ дииллэр. Нэһилиэнньэ туруорсуутунан урут
Маленков аатынан холкуос салалтата, үлэ бэтэрээнэ Гуляев
Дмитрий Иванович биригэдьиирдээн, аһыллар уонна сабыллар
улахан быһыт туттаран тураллар. Бу быһыт оҥоһуллан, үрэх
төрдүгэр күөл үөскээн, Чараҥ бөһүөлэгин олохтоохторо хаһаа-
йыстыбаҕа туттар уонна аһыыр уунан хааччыллыбыттара.
13
))

