Page 49 - Портнягин. Муру алаас барыбыт биьигэ
P. 49

Illi Illi                                                                        I
                                                                                  II



                   УЛУУСПУТ ХАҺАН, ХАЙДАХ

                            ТЭРИЛЛИБИТЭЙ?

              Бастатан туран, былыр хас да тус-туспа улуус холбоһон,
          с Алдан оройуона хайдах тэриллибитин билсиэҕиҥ.
              1. Бороҕон улууһа - Өлүөнэ өрүс уонна Тойон Мүрү эбэ
        икки ардыгар тэнийэн олохсуйбут сирдээх-уоттаах нэһилиэк-
        тэрдээҕэ. Билиҥҥинэн быһаардахха, Курбуһах, Өлтөх, Бэрт Ууһа,
        Суотту, Бороҕон, I, II Лөгөй, Мүрү уонна Хоро нэһилиэктэригэр
        олохсуйбут аҕа уустара бары киирэллэр.
   1111   II  2. Дүпсүн улууһа - Алдан, Өлүөнэ өрүстэр тардыыларыгар
  ................. Мүрү эбэ хоту эҥээригэр сытар Баатаҕай, Найахы, Тэбиик
        (Дүпсүн), II Өспөх, Түүлээх, Чэриктэй, Өнөр, I Өспөх, Алдан өрүс
        сүүрүгүнэн, Лена өрүс орто ыпсыытынан элбэх алаас, нэһилиэк-
        тэр уонна Остуойка, Бөрөлөөх, Бээди тулаларыгар олохсуйбут
     ■■■■ аҕа уустар улууспут тэриллэригэр бука бары сөбүлэспиттэр.~йй~
              3. Оройуоннары тэрийии кэмигэр өрөспүүбүлүкэ салалта-
        та Байаҕантай улууһуттан Танда үрэх сүнньүгэр олорор аҕа уус-
        тарын, билиҥҥинэн, Танда, Тиит Арыы, Бээрийэ бөһүөлэктэр
        эргин олохтоохтору Уус Алдан оройуонугар холбообуттар.
              1930 сыл тохсунньу 9 күнүгэр Мүрү Эбэ Томторугар Боро-
        ҕон, Дүпсүн улуустарын уонна Танда үрэх сүнньүнэн Байаҕантай
        нэһилиэктэриттэн дэлэгээттэр мустан, улахан мунньаҕынан
        холбоһорго сөбүлэһэннэр, Уус Алдан оройуонун тэрийбиттэр.

        һаарар тэрээһинэ эмиэ Мүрү Эбэ томторугар ыытыллыбыт.
                                                                            II
        Оройуон киин бөһүөлэгинэн Мүрү Эбэ томторун быһаарбыттар.
        Бастакы оройуон сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн Н.И.
      ($ Романов диэн үөрэхтээх киһи, үп салаатын сэбиэдиссэйинэн
        В.И. Никифоров анаммыттар, адмотдел начальнигынан Ф.И.
        Местников быыбардаммыт. Сир салаатын сэбиэдиссэйинэн И.И.
        Говорова, үөрэх салаатын сэбиэдиссэйинэн С.С. Васильев (Боро-
        гонскай), суруксутунан (сэкирэтээр) И.И. Говоров талыллыбыт-
        тар.
              Ити саас нэһилиэктэртэн тутуу биригээдэлэрэ тэриллэн-
        нэр, Томторго ыраахтан-чугастан тутуу маһын - бэрэбинэлэри
        - киллэрии саҕаламмыт. Аҕыйах сыл иһигэр оройуон сэбиэтин

   1111
   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54