Page 50 - Портнягин. Муру алаас барыбыт биьигэ
P. 50
Ill I
1/
СЗчА ҮРҮ алаас - барыбыт биһикпит
Ill 1111 III Illi Illi
хонтуоратын дьиэтэ, балыыһа, оскуола, бэкээринэ, остолобуой
уонна исписэлиистэр олорор уопсай дьиэлэрэ тутуллубуттар.
Сыыр анныгар бурдук тардар миэлиҥсэ тутуллубута хойукка
диэри уҥуоҕа көстөр этэ.
Ити үөһэ ахтан ааспыт 1930 сыл тохсунньуга ыытыллы-
быт дэлэгээттэр мунньахтарыгар оройуоммут бастакы аата Ал
дан Төрдө диэн уураахтаммыта үһү. Ол саҕана Алдан өрүһү бул-
тааҕын-алтааҕын уонна сир астааҕын сөҕөн, олохтоохтор Аллан
өрүс диэн ааттыыллар эбит. Ол иһин, оччотооҕу үөрэҕэ суох саха
нэһилиэнньэтэ Аллан Төрдө диэн ааты олус сөбүлээбит. Ити
кэмҥэ куорат тойотторо дьыаланы-куолуну сахалыы тылынан
толорору көҥүллээбэттэр эбит. Онтон күһэллэн, Аллан Төрдө
диэн тылы үөрэхтээх дьон дьыалаҕа «Усть-Алдан» диэн суруйар
буолбуттар.
1930-1931 сыллартан саҕалаан, нэһилиэктэр ахсын хому-
ньуустар ахсааннара элбээн испит. Онон 1933 сылтан саҕалаан
оройуон киинигэр Томторго партия оройуоннааҕы кэмитиэтэ
тэриллэн, сэкирэтээринэн Николай Николаевич Барашков быы-
барданан үлэлээбит. Кини быһаччы дьаһалынан оройуон кии-
=нэ сыыйа Мүрү Эбэ халдьаайы көнө сыһыытыгар көһөрүллэр.
1956-1957 сылларга диэри Бороҕон бөһүөлэгин икки уһугар
«Барашков ааркалара» диэн ааттанар бөҕө-таҕа оҥоһуулаах мас
аарка ааннар тураллар этэ.
I
1111
1111
< (и

