Page 8 - 13. Кыайыы Боотурдара. Үс сэрии кыттыылааҕа. Оллонов Д.Д. стр.78
P. 8
Д.Д.Оллонов
ҮС СЭРИИ Оллоновтар тустарынан мин оҕо эрдэх-
КЫТТЫЫЛААҔА питтэн истэрим. Ордук сэрии сылларыгар
майор Оллонов туһунан уос номоҕор кэп-
сииллэрэ.
Сүүрүктээх Алдан Эбэ биэрэгэр то-
рөөбүт, К И Н И тымныы уутун испит буо-
ланнар буолуо, баҕар, Оллоновтар бары
даҕаны аллаах ат курдук лаһыгыраспыт,
сыыдам сырыылаах, Алдан өрүс сааскы
долгунун курдук дохсун дьон этилэр.
Улахан убайдара Сүөдэр Оллонов хайа
баҕарар киһи сүргэтин көтөҕөр дэлэй-хо-
лой кэпсээннээх киһи этэ. Арай биирдэ
Түүлээх нэһилиэгэр киирэр суолу оҥор-
буттар, үрэҕэр мае муостаны туппуттар.
Ону сорохтор: “Саас халаан уута алдьа-
тыан сөп”, — диэбиттэригэр, Сүөдэр: “Сэт-
тэ да танканы уйар муоста буолла”, —
диэн эппиэттээбит. Онтон ыла ол муоста
“Сэттэ танка муостата” диэн аатырбыта
уонна 50-тан тахса сыл туһалаабыта.
Орто бырааттара Миитэрэй эмиэ оннук
соҕус өрө күүрүүлээх өйдөөх-санаалаах
киһи этэ. Кини оҕо эрдэҕиттэн хайала-
рыттан да сытыылара-хотуулара, барыны
билэ-көрө сатаабыт, уурбут-туппут кур
дук орто уҥуохтаах уол эбитэ үһү.
1941—45 сыллардаах Аҕа дойду сэрии-
78

