Page 10 - Сырабыт тилиннэ, Елуенэ Мурулуун сиэттистэ
P. 10
18 күөллээх, алаас иһигэр баар 61 тус-туспа аатгардаах
түөлбэлээх, 9 дьохсоот тумуллаах, 10 улахан уонна сатыы
киһи сылдьар, мае тиэйэр 55 аартыктаах.
Мүрү алааһа даҕаны, Эбэ күөлэ даданы киэбэ-киэлитэ
уларыйа турбутун үһүйээннэр эмиэ бигэргэтэллэр.
Уус Алдан улууһун үөрэҕин салаатын инспектора
А.И.Федоров 1941 сыллаахха суруйбут үһүйээнэ биологи-
ческай наука доктора, профессор А.Д. Егоров үлэтигэр кил-
лэриллэн, 1942 с. бэчээккэ тахсыбыта. Онно кэпеэнэри-
нэн, Мүрү 1670-80 сс. Чалбаат диэн ааттанара. Ол саҕана
хара тыа ортотугар 12-13 тус-туспа кыра симилэх көлүйэ-
лэр эрэ бааллара үһү. Чугас арыый үрдүк соҕус сиргэ сы-
тар икки улахан күөл уута билиини тоҕо кетон киирэн,
Чалбаат көлүйэлэрэ таһымнааннар биир улахан күөл буо-
ла силбэспиттэр. Бу күөлү Майадатта Бэрт Хара манна
төрөөн-үөскээн ааспыт додорун, эбэнки киһитин кэриэ-
һигэр, кини аатынан Мүрү диэн ааттаабыт. Ф.П. Вран
гель суруйарынан, эбэн ки кинээһин аата үйэтитиллибит
үһү. Онон киһи аата иҥэриллибитин итэдэйиэххэ con.
Үһүйээҥҥэ үүнэн турбут мастар күөл түгэҕэр билинтгэ
диэри сыталлара эмиэ ахтыллар. Үһүйээн сүрүн ис хоһоо-
но сөп, хас да чугас-чугас сытар күөллэр икки ардылары-
наады ардас сирдэр муустара ууллан суоллубуттара, ол
түмүгэр биир нэлэмэн баарадай улахан күөл буолан тах
сыбыта чуолкай. Арай ол баара-суода 300 эрэ сыллаадыта
буолбут курдук. Итэдэйиэххэ уустук.
Отгон олохтоох кырдьадастар тугу кэпсииллэрий? Бы-
лыыр-былыр Мүрү тус-туспа күөллэрдээх, көлүйэлэрдээх,
онон-манан саадахтанан үтэн кииртэлээбит тумус, ой тыа-
лардаах, чараггнардаах, арыы хагыҥнардаах, ол икки арды-
ларынан ырааһыйалардаах, кырдал хонуулардаах сир эбит.
Ол тыаларьҥар киис, атын да күндү түүлээх кыыллар хойуу-
тук үөскүүллэрэ үһү. Онтон угут, өҥ дьылларга улаханнык
уутуйан, күөллэрэ, көлүйэлэрэ хааларьптан тахсаннар, бары
биир буола силбэһэннэр, элбэх атахтаах, арьиылардаах баа
радай күөл үөскээбит. Ити хаһан буолбутун оччотооду кыр
дьадастар билбэттэр. Сабадалыы да соруммат этилэр. Санаа-
тахха санаа тиийбэт, быдан былыргы үйэлэр анараа
---------------------- ---------------------------- 8 -■■■---------------------

