Page 13 - Сырабыт тилиннэ, Елуенэ Мурулуун сиэттистэ
P. 13
Омоллоон көҕүлээһининэн Арыы Тииккэ тэриллибит “До-
ҕордоһуу“ музейыгар Семен Ремезов чертеһун куоппуйата
биир боччумнаах экспонат буолан көрөөччүлэр болщомто-
лорун тардар. Нууччалар уонна олохтоохтор үйэлээх үтүө
доҕордоһуулара, убай-быраат буолуулара Суотту, Мүрү кыр-
далларыгар төрүттэммитэ эбээт диэн кэнэҕэски көлүөнэ-
лэргэ кэпсэл буолуоҕа.
1820 сыллаахха Ф.П.Врангель Арктиканы чинчийээри
Халыма төрдүгэр айаннаан иһэн, Мүрү диэн ааттанар хас
да күөл силбэһэ сыталларын көрбүт. Олор хаһан эрэ алаас
былаһын тухары билгийэн сыппыт биир улахан күөл уол-
бутуттан ордон хаалбыттар диэн быһааран суруйбут. Он
тон 1845 с. тахсыбыт Россия государствотын атлаһыгар биир
улахан күөл көрдөрүллүбүт. Онон уола уонна уутуйа сыл-
дьыталаабыт буолан тахсар. Хайа уонна сир мууһун ирии-
тэ тохтуу-тохтуу кыраттан сылтаан мэлийэ, хаттаан лап-
пыйан бара турааччы. Ол курду к, билинни Мүрү күөлэ
соторутааҥҥа диэри кэҥии, кытыыта сиҥнэ турбут туо-
һута эмиэ баар. 1987 сыллаахха сайын Мүрү күөлүн cogy-
руу кытыытыгар суон тиит сытынаҕа сиргэ таннары сааллан
силис өртүнэн үөһээ хоройон турарын көрөрбүт. 40 см диа-
метрдаах суон тиит төрүт өртүн силистэри умса тутан ту-
РУору ким да көмпөтөдө чахчы. Айылҕа оҥоһуута буолара
судургутук быһаарыллар. Сотору-сотору сууллан кэнни-
нэн тэйэн иһэр эмпэрэ сыыр хааһыгар турбут тиит сиҥ-
нэн охторугар ортотунан тостон төрүт өртө таҥнары хо-
йуостаммыт. Оннук балаһыанньаҕа сиҥнэн түспүт
буорунан көмүллэн туох эрэ анаан-минээн саайбытын кур-
дук таннары туран хаалбыт. Сыгынах билигин да чиргэл,
арай тырыьпгкаланан хайыта хаппыт. Мантан сыаналаа-
тахха, баҕар, саарбахтыыр 300 сылбыт бэтэрээ да өртүгэр
диэри Мүрү күөлэ copox сиринэн кэнии, сирин мууһа
ууллан биэрэктэрэ сиҥнэ турбут буолуон сои. Онон Мүрү
бачча сыллааҕыта үөскээбитэ диэн этэр кыаллыан сатам-
мат. Алаас отучча миэтэрэ үрдүктээх хоту халдьаайыта би-
линтгэ диэри кырса алдьаннаҕына буор аннынаады ардай
муус ууллан, кэмиттэн-кэмигэр көҥүрүттэн түһэрин
корон итэдэйэбит уонна муустаах сир кырсын алдьатар,
11

