Page 21 - Өлбөт сүппэт Өспөҕүм дьоно 1995
P. 21

1902  с.  И-Өспех  Чагдаайытыгар  Элбэҕи  диэн  сир-
           гэ  тоҕус  оҕолоох  дьадаҥы  ыалга  иккис  оҕонон
           торөөбүтэ.  Үөрэҕэ  суох.
              1929  с.  Чагдаайыга  поселковай  табаарыстыбапы
           11  хаһаайыстыба  кыттыһан,  аан  ма^гнай  тэрийбиттэ-
           рэ.  Онон  үргүлдьү  “Чагдаайы”  к-з  членэ  буолбута.
           Ханнык баҕарар үлэттэн хаалсыбат, дьулуурдаах буолан
           биригэдьиирдии,  звеноводтуу  сылдьыбыт.
              1944    с.  армияҕа  ыҥырыллан,  127-с  мотострелко-
           вай  иолк  иротивотанковай  ротатыгар  оружейнигынан
           сулууспалаабыт.
              1946    с.  дойдутугар  төннөн  кэлэн,  колхоһугар  араас  үлэҕэ  сылдьыбы-
           та.  Кэлин  дьоҕурдаах  сылгыһыт,  толлугаһа  суох  аты  айааһааччы  быһыы-
           тынан  биллэрэ.
              Иллэҥ  кэмигэр  кыраҕы  харахтаах,  оноҕойдоох  сааһыт  быһыытынан
           эмиэ  биллэрэ.  Ол  курдук  от  быыһыгар  сырсар  улардары  көрө  охсон,
           тэһитэ  ытыалыырынан,  Өрүс  нөҥүө  кумахха  хаамсар  дьону  таҥастарын
           дьүһүинэрин  көрорүнэн  сөхтөрөрө  үһү.  1966  с.  өлбүтэ.  Уҥуоҕа  Найахыга
           Будур  кылаабыһатыгар  сытар.
              Кэргэнэ  —  Агафья  Иннокентьевналыын  төрөппүт  сэттэ  оҕолоро  уонна
           20-чэ  сиэннэрэ,  хос  сиэннэрэ  үлэ  үөһүгэр  сылдьаллар.


                        РУМЯНЦЕВ  ЕГОР  ДМИТРИЕВИЧ-11
              1911  с.  И-Өснөх  нэһилиэгэр  Чагдаайыга  Элбэҕи
           диэн  сиргэ элбэх  оҕолоох  дьадаҥы  ыал  төрдүс оҕолоро
           этэ.  Егор  Дмитриевич-1  бииргэ  төроөбүт  быраата.  Ос-
           куолаҕа  үөрэммэтэҕэ.
              Румянцев  Дмитрий  Дмитриевич-1  Румяицева  Тать-
           яна  Семеновна диэн оҕото суох аймахтара  ыалга иитил-
           либитэ.  Онтон  ол  дьон  биир  уол  оҕоломмуттара.
              Егор  колхоз  ханнык  баҕарар  үлэтигэр  улгумнук
           ылсан  үлэлиирэ.  1943  с.  сайын  убайын  Николай  уон-
           на  икки  бырааттарын  суолларынан  армияҕа  барбыта
           уонпа  1945  сыллаахха  диэри  сулууспалаан  дойдутугар  эргиллибитэ.
           Ыарыһах  буолан  тохтуора  диэри,  үлэттэн  илиитин  араарбатаҕа.  1975  с.
           Балыктаах  сэлиэнньэтигэр  өлбүтэ.

                                              РУМЯНЦЕВ  ЕГОР  ЕГОРОВИЧ

              1916 с.  Арҕаа  Уҥуор  Чүүйүгэ  дьадаҥы  кэргэҥҥэ  төрөөбүт, онон  үөрэҕи
           ылымтыа  да  буоллар,  начальнай  оскуоланан  муҥурдаммыта.
              Колхоһун  хонуутугар  үлэлии  сылдьаи,  1943  сыллаахха  армияҕа  ыҥы-
           рыллан,  Ийэ  дойдутун  көмүскэһэ  барбыта.
   16   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26