Page 17 - Өлбөт сүппэт Өспөҕүм дьоно 1995
P. 17

1922    с.  П-Өспөх  нэһилиэгэр  Арҕаа  Уҥуор  Алыһардаах  диэп  сиргэ
            дьадаҥы  элбэх  оҕолоох  кэргэшгэ  төрөобүтэ.  Начальнай  оскуоланы  бүтэ-
            рэн  баран,  кыайан  салҕаабатаҕа.  “Уүнэр  олох”  колхозка  суотчутунан,
            биригэдьииринэн  үлэлээбитэ.  Хопууга  да  кыайыылаах  үлэһит  этэ.  Күҥҥэ
            балтараа  гааны  холкутук  охсоро.  Сүрдээх  сытыы-хотуу,  оонньуулаах,
            дьоҥҥо  аламаҕай  сыһыаннаах,  тэтиэнэх  уолчаан  этэ.
               1942  с.  бэс  ыйын  23  күнүгэр  армияҕа  ыҥырыллан  барбыта.  Өрүс
            баһыгар  диэри  унньуктаах  айаны  аралдьытаи,  армияҕа-барааччылар  ара-
            ас  спортивнай  оонньууга  холоһууларыгар  мас  тардыһыытыгар,  кимиэхэ
            да  5сотторботоҕун  туһунан,  этэҥҥэ  эргиллибит  табаарыстара  кэпсээн
            оҥостоллоро.
               Кыргыһыыга  ыараханнык  бааһырбыт:  сыҥааҕын  тоһуттарбыт  уонна
            тыҥатын  таарыйтаран  госпитальга  сытан,  1943  сыл,  тохсунньу  16  күнүгэр
            тыыиа  быстыбытын  туһунан  биллэриитэ,  кыа-хаан  буолбут  комсомольс-
            кай  билиэтэ  ийэтигэр  кэлбитэ.


                           НАЗАРОВ  СЕМЕН  ЯКОВЛЕВИЧ
               1922  с.  II  Өспөх  нэһ.  Арҕаа  Уҥуор  Алыһардаах
            диэн сиргэ дьадаҥы, элбэх оҕолоох  кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.
            Начальнай  оскуоланы  бүтэрэн  баран  “Үүнэ  олох”
            колхозка  суотчутунан,  биригэдьииринэн  үлэлээбитэ.
            Хонууга  да  кыайыылаах  үлэһит  этэ.  Күҥҥэ  балта-
            раа гааны холкутук охсоро. Дьоҥҥо аламаҕай сыһыан-
            наах  уолчаан  этэ.
               1942 с.  бэс  ыйыгар  армияҕа  ыҥырыллыбыта.  1943
            с.  тохсунньу  16  күнүгэр  тыына  быстыбытын  туһунан
            бтллэриитэ,  кыа-хаан  буолбут  комсомольскай  били-
            этэ  ийэтигэр  кэлбитэ.


                                        ПОПОВ  ИННОКЕНТИЙ  СЕМЕНОВИЧ

               1919  с.  И-Өспөх  нэһилиэгэр  Чаарыаска  дьадаҥы  кэргэҥҥэ  төрөөбүтэ.
            Соҕотох  оҕо  этэ.  Оскуолаҕа  үөрэнэн  7  кылааһы  бүтэрбитэ.  Орто  бөдөҥ,
            кыайыылаах  үлэһит,  дьулубуой  киһи  этэ.
               “Үүнэр  күүс”  колхозка  суотчутупан  үлэлии  олорон  1942  с.  бэс  ыйын
            23  күнүгэр  Ийэ  дойдутун  комүскэһэ  барбыта  уонна  төрөебүт  түөлбэтигэр
            төннөр  дьол  тосхойботоҕо.

                                         НЕУСТРОЕВ  ИВАН  АФАНАСЬЕВИЧ

               1910    с.  П-Өспөх  нэһилиэгэр  дьадаҥы  кэргэҥҥэ  торөөбүтэ.  Начальнай
            осгсуоланы  бутэрэн  баран,  онон  муҥурдаммыта.
   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22