Page 16 - Өлбөт сүппэт Өспөҕүм дьоно 1995
P. 16

Тимири  уһанарыгар,  Намынан  сылдьан  массыынаҕа  сыстыбыт  буолан,
           т/х  техникатын  билэринэн  чорбойоро.  Бэйэтин  колхоһун  уһаныытын
           хааччыйбытын  таһынан  “Сардаҥа”  колхозка  көмөлөһөрө.
              1941  с.  атырдьах  ыйын  12  күйүгэр  армияҕа  барбыта.  Сэрии  толоону-
           гар,  1943  сыллаахха,  сураҕа  суох  сүппүтэ.


                             ЛУКИН  ДАНИЛ  ИННОКЕНТЬЕВИЧ
                                1896  с.  11-Өспөх  нэһилиэгэр  Чаарыаска  дьадаҥы
                              кэргэҥҥэ  төрөөбүтэ.  Эдэригэр  Якутскайынан,  Хоту
                              Булуҥунан  сылдьыталаан  баран,  1934  с.  дойдутугар
                              кэлэн,  “Үүнэр  күүс”  колхозка  киирэр.
                                Кыһынын  түүлээхситинэн,  сайынын  от  хомууру-
                              гар  биир  тутаах  үлэһитинэн  биллэрэ.
                                 1941  с.  атырдьах  ыйын  12  күнүгэр  армияҕа
                              ыҥырыллан  барбыта.
                                 1942  с.  сэрии  толоонугар  сураҕа  суох  сүтэн,
                              төрөөбүт  дойдутугар  эргиллибэтэҕэ.

                             ЛУГИНОВ  ДМИТРИЙ  ИВАНОВИЧ

                                1917  с.  11-Өспөх  нэһилиэгэр  Чаарыаска  дьадаҥы
                             кэргэҥҥэ  төрөобүтэ.  Гавриллаах  саамай  кыра  быра-
                             аттара.  Бииргэ  торөөбүг  түөрт  уол  этилэр.  Оскуолаҕа
                             үөрэммэккэ  хаалбыт.  Убайа  Гаврил  армияҕа  барбы-
                             тын  кэннэ  тимир  ууһунан  үлэлээн  иһэн,  1942  с.  бэс
                             ыйын  23  күнүгэр  бэйэтэ  эмиэ  армияҕа  барбыта.
                                Дойдутугар эргиллэн  кэлэн баран, дьоҕурдаах тимир
                             ууһунан  биллэн  барар.  50-нус  сылларга  Найахыга
                             тахсаи  олохсуйар  уонна ыалдьан  тохтуор  диэри  уһана-
                             рын  тохтогшот.  Кэлин  Найахы  с.клубугар  остуорас
                             харабылынан  олорон,  1975  с.  өлбүтэ.


           ЛУКИН  ДМИТРИЙ  ИННОКЕНТЬЕВИЧ
              1901  с,  11-Өспөх  нэһилиэгэр  Чаарыаска  дьадаҥы  кэргэҥҥэ  торөобүтэ.
           Оскуолаҕа  үөрэммэтэҕэ.  “Үүнэр  күүс”  колхозка  членинэн  киирэн,  хонуу
           араас  үлэлэригэр  үлэлиирэ,  сороҕор  кыһынын  түүлээхтиирэ.
               1942  с.  убайа  Даниллыын  бииргэ  армияҕа  барбыттпра,  уонна  үлэ
            батальонугар  сылдьан,  ыалдьан  1947  сыллаахха  төнпөн  кэлбитэ.  Дойду-
            тугар  кэлэн  баран,  колхоһугар  председателинэн  сылдьыбыта,  оитон  кэлин
           биригэдиирдээбитэ.
              Найахыны  кытта  холбоспут  кэннэ,  субай  сүөһү  бостуугунан  үлэлээ-
            битэ.  1964  с.  өлбүтэ.
   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21