Page 95 - Өнөрдөр Аҕа дойду сэриитигэр. I чааһа
P. 95

лаас оҕолорун эмиэ туһаммыттара.
            Афоня  илиитин-атаҕын  хомунан,  улаханнык  симитгэн  олорорун
        сэбиэдиссэй өтө көрдө быһыылааҕа. Баҕар ол иһин буолуоҕа, кини үгүс
        эриирдээх боппуруосгары биэрбэтэҕэ. Кыра оҕону уоскугар курдук:
            -  Хайа,  доҕоор! Сааһыҥ хаһыҥ буолла?
            -   Быйыл  кыһын  уон алта сааспын туолбутум.
            -   Үөрэххин ханнык сыананан бүтэрдиҥ?
            -   Үчүгэй сыананан.
            -  Хайа нэһилиэккэ төрөөбүккүнүй?
            -   Первэй Өспөх нэһилиэгэр.
            -   Оччоҕо  быйыл  оскуолаҕа  киирэр  саастаах  Өспөх  оҕолорун
        билэтгиир буоллаҕыҥ?
            -   Үксүлэрин билэттиирим буолуо.
            -  Дьэ,  доҕор,  быйыл  Первэй  Өспөххө саҥа  икки  кылаастаах
        оскуоланы аһаары олоробут. Ону эн туох дии саныыгын,  кыаллыа
        дуо?
            Афоня эмискэ истэн  уонна симитгэн олороро ааһа илик буо-
        лан,  быһаччы  эппиэттии  этэ охсубата.
            -   Ким билэр,  билбэтим ээ,  -  диэбитэ.
            Онтон сэбиэдиссэй бэйэтэ кэпсээн  барбыта:  «Быйыл  Первэй
        Өспөххө икки кьтлаастаах оскуоланы аһар буоллубут.  Бастакы кы-
        лааска Өспөхтөн саҥа оскуолаҕа киирэр оҕолору мунньуохпут. От-
        тон иккис кылааска быйыл Дүпсүҥҥэ бастакы кылааһы бүтэрбит
        оҕолору аҕалтыахпыт. Ону эн,  Өспөх киһитэ, туох дии саныыгын?
            -   Аһыллара  буоллар  бэрт буолуо  этэ,  -   Афоня  аргыый  эгди
        соҕус хоруйдаата.
            -   Онно  үөрэтээччинэн  эйиигин  анаан  эрэбит.  Бэйэҥ  билэр
        оҕолоргун үөрэтиэҥ буоллаҕа дии?... -  Сэбиэдиссэй ыйытар икки,
        сорудахтыыр икки ардынан  эппитэ.
            -   Ол  аата  учуутал  онороҕут  дуо?  -   Афоня  эр  хаанын  кил-
        лэрэн,  бэйэтин өттүттэн,  биир боппуруоһу хардары туруорда.
            -   Даа,  оннук,  учуутал  оҥоробут,  -   сэбиэдиссэй  хайдах  эрэ
        аһыммыт курдук эйэҕэстик мичээрдээн  ылбыта.
            -  Ону хайаан кыайыахпыный, сатаан үөрэтиэм суоҕа,  -  Афо-
        ня  олорон  эрэ  атаҕын  тумсун  одуулаамахтаата,  онтон  өй  ылан:
        «Оҕолор  да,  оҕолор  дьонноро  да  мин  үөрэтэрбин  астыныахтара
        суоҕа.  Салгыы  үөрэнэр санаалаахпын»,  -  диэн эбэн  эттэ.
            -   Райкомол  секретара  эйиигин  кытта  кэпсэтиэн  баҕарар,
        «Кэллэҕинэ  киирэ сылдьаарыҥ» диэбитэ.  Чэ,  билигин онно бар-
        дыбыт,  -   диэн  баран  Сергей  Степанович  олоппоһуттан  туран
                                       91
   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100