Page 10 - Нэһилиэк төһүү дьоно
P. 10

Ол  иһин,  баҕар, сорох дьоҥҥо сөбүлэппэт курдук буолуо.  Мэ-
         хээлэ 50-с  сыллар эргэлэриттэн  Өнөргө олохсуйбута.  Чиҥник,
         силистээхтик,  букатыннаахтык.  Төрүтда Өнөртөн тардыылаах
         этэ буолан баран, Бороҕоҥҥо эппиэттээх үлэлэргэ сылдьыбыта.
         Кини  манна лесхоз үлэһитинэн  ананан  кэлбитэ.  Мин  үс  сыл
         университекка үөрэнэн, икки сыл Тулуна аҕыс кылаастаах оскуо-
         латыгар учууталлаан баран, 1965 сыллаахха дойдубар үлэлии кэл-
         битим.  Михаил  Михайлович  оччолорго сельсовет председателэ
         этэ. Өр сылларга туруорсан, эрэй бөҕөнөн  Бороҕонтон Өнөргө,
         Өнөртөн Дүпсүҥҥэ суол солонуута бара турара. Сүүс ат күүстээх
         техника арааһаүлэлээбитэ. Сельсоветпредседателэ Михаил Ми-
         хайлович бу үлэни сирэй бэйэтинэнтурунан, ылынан үлэлээби-
         тэ. Атынан сылдьан сирин-уотун бэрэбиэркэлээбитэ, бэйэтэ хай-
         гыа охсон иһэрэ, үлэһиттэргэ остуорастыыра, үрдүгэр хоно сыл-
         дьан үлэлэспитэ.
            Эбэ соҕуруу өттүгэр Тыгын Дархан улахан уолун аатынан аат-
         таммыт  Чаллаайы диэн  алаас  баар.  Бу алаас  уонна  Эбэ үрдүк
         дьирбэйинэн быысаһан тураллар. Эбэ диэки өттө туруору түһүү,
         сорох өттө билигин да сиҥнэ турар.  Бастакы былаан быһыыты-
         нан, айан суола бу дьирбэйинэн барыахтааҕа. Ону баара дьирбэй
         оройун диэки улахан хайдыылаах эбит. Михаил Михайлович ону
         көрөөт, тутадьонугар, нэһилиэккэ ойутар. Исполкомчилиэннэ-
         рин уонна активы түмэ тардар, түргэн үлүгэрдик сүбэлэһэ охсол-
         лор.  Суол  барар  хайысхатын уларытыы  буолар.  Өскөтүн,  бол-
         ҕомтото суох, кыһаллыбат киһи эбитэ буоллар, ол диэкинэн суол
         солонон хааллын? Төһөлөөх эрэйи көрүө этибит?!  Итинэн кини
         нэһилиэк биир эрэйин тохтотон турар.
            Этэн баран онтон төннүбэт биир тыллаах коммунист этэ. Со-
         рох дьон  курдук дьыала ыараары  гыннаҕына «ньаймас»  гынан
         биэрбэт бигэ туруктааҕа. Тойон, хотун диэн киһиэхэ сирэй көр-
         бөх буолбакка, хаптас гынан биэрбэккэ, хайа да күн сирэйинэн,
         баарынан  сылдьарын  ордорор  этэ.  Аан  иэччэҕин  курдук антах
         да, бэттэх да буолбат биир таһымҥа сылдьара. Ону манныктүбэл-
         тэнэн бигэргэтэбин. Кини сельсовет исполкомун председатели-
         нэн, партийнай тэрилтэ секретарынан үлэлии олордоҕуна, рес-
         публика үрдүнэн:  «Колхозтары  олус улаатыннардылар,  салалта
         кыаҕын таһынан буолла», -  диэн кэпсэтии күөдьүйэн өрт уотун
         курдук тилийэ көтөн, биһиги нэһилиэкпитигэр эмиэ кэлэр. Урут
   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15