Page 304 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 304

IХОРО нэһилиэгэ

           халлаан  күөҕэ сырдык хоруопкаҕа сытара  билигин да харахпар  көстөр,  онтон  минньи-
           гэс амтана өйбүттэн,  сүрэхпиттэн  арахсыбат.
              Онтон  көһөн  Бороҕоҥҥо  арҕаа  аптека  аттыгар  баар  уопсайга  олохсуйбуппут.  Аҕам
           арҕаа саҥа балыыһа тутуутугар үлэлээбитэ.  Ийэм  промкомбинакка атах таҥаһын оҥо-
           рорго үлэлиирэ. Дьиэтигэр аҕалан  эмиэ үлэлиирэ.  Онно мин  кыракый тоһоҕотун биэ-
           рэрим,  туостан  оҥоһуллар  уллуҥнар  икки  ардыгар  туус  кутар  үлэни  толорсор  этим.
           Аҕам  улахан бөҕө-таҕа  американскай бачыыҥкалаах этэ.  Ол  бачыыҥка  сыта  ити  ийэм
           оҥорор хромовай саппыкыларыттан олох атын  сыттаах этэ.
              Ити сайын мин таас бытархайыгар дириҥ баҕайьҥьгк атахпын тобулу үктээбиппэр, ийэм
           барахсан балыыһаҕа когөҕөн илдьэн быраастарга «баранчаак, баранчаак» диир тылын эрэ
           дьиктиргээн өйдөөн хаалбыппын. Ити ийэм барахсан бүтэһик төгүлүн көтөҕүүтэ эбит этэ.
           Ону мин хантан билиэмий, куруутун итинник ийэм түһэҕэр сылдьыах курдук саныырым.
           Ити сайын аҕам илиитин хотуурга өлөрөн хаан-сиин буолан сайылыкпыт дьиэтигэр киир-
           битин, ийэм куобах тириитин кэҥэрдэн баран саба ууран хааны боппутун өйдүүбүн.  Ити
           сайылыкка эмиэ олох кыра эрдэхпинэ,  саһархай  эмп сьҥын  ылбытым  уонна  ити  куобах
           тириитэ кэҥэрдиллибит сытгара миэхэ куруутун кэлэр курдуктар.
              Олох  кыра  эрдэхпинэ,  ийэм  тириини  кэҥэрдэн  баран  быаҕа  баайан  моонньубар
           кэтэрдэн  кэбиһэрин  күнү  быһа  эмэн  бүтэрэн  кэбиһэр  эбиппин.  Ол  иһин  ханна  да
           сырыттарбын  кыйахалламмыт төбө сытын  уонна  этин  сиирбин  сөбүлүүбүн  уонна  ах-
           табын-саныыбын.
              1945 с.  Өнөргө кыстаабыппьҥ, онно таайбыныын, улахан баҕайы уҥуохтаах Ылдьаа-
           лыын биир дьиэҕэ олорбуппут.  Ити кыһын  кини наһаа ыалдьыбыта. Дьоммут быыбар-
           дыы барбыттарын  кэннэ мин бырааппыныын дьоммут оронноругар сытарбыт, таайым
           кыыһа Паашалыын атахтаһа сьҥаллара.  Биһигини оһох иннигэр барыбьҥын ыҥыртаан
           тугу эрэ элбэҕи саҥарбыта,  онтон ороннорбутугар ыыталаан баран бэйэтэ эмиэ орону-
           гар  сытаат  өлөн  хаалбыта.  Онтон  күүскэ  куттаммыппын  өйдүүбүн.  Мин  төрөппүттэ-
           рим,  сэрии кэминээҕи олохпут туһунан өйдөбүллэрим  итинниктэр.
              7 саастаахпар Мүрү оскуолатыгар «0» кылааска үөрэнэ киирбитим.  Маҥнайгы учуу-
           талбын өйдөөбөппүн.  Иккис  кылаастан  Мария  Васильевна  Пухова үөрэппитэ.  Биһиэ-
           хэ, сэрии сылын оҕолоругар, билиҥҥи  курдук улахан тэрээһиннээх бырааһынньыктар
           буолбат  этилэр.  Ол  оннугар  спорду  үрдүктүк  тутарбыт.  Бары  дьарыктаах  буоларбыт.
           Мин үҥкүүнэн,  акробатиканан,  хайыһарынан үлүһүйэн туран дьарыктаммьҥым.
              Оскуола  кэнниттэн  Благовещенскайга  мединституту бүтэрбитим,  олохпун дьон до-
           руобуйата  тупсарын  туһугар  үлэҕэ  анаатым.  Билигин  да  ол  үлэм  чэрчитинэн  араас
           үлэни,  көмөнү  нэһилиэнньэҕэ оҥоро сылдьабын.
              Эһиил Саха Өрөсггүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ  100 сылын туолар. Өрөспүүбүлүкэм, улууһум
           сайдыытыгар, доруобуйа харыстабылыгар киллэрбит кылааппынан киэн туггабын.
              Үөлээннээхтэрбэр кьггаанах доруобуйаны, тулууру-дьулууру бу ыарахан кэмҥэ баҕарабын.
              Наҕараадалара:  СӨ  культуратын,  наукатын  туйгуна,  «СӨ  гражданскай  килбиэн»,
           «Уус  Алдан  оройуонун  сайдыытыгар  киллэрбит  кылаатын  иһин»  бэлиэлэр  хаһаайын-
           нара.  РФ профессионатьнай  үрдүк  үөрэҕин бочуоттаах үлэһитэ.  Үөһээ  Бүлүү улууһун
           I  Боотулу,  Уус Алдан улууһун  I  Хоро нэһилиэктэрин  Бочуоттаах олохтооҕо,  медицин-
           скэй  наука кандидата.

                                                                                   А хсы нньы ,  2 0 2 1   сыл


                                     Ховрова Татьяна Ивановна

              Мин  ийэм,  1941  сылга  сэрии  саҕатаныьҥа  биэһин  ааспыт саҥа  улаатан  эрэр  кыыс
           буолан, сэрии буолбут сураҕын олох өйдөөбөтөх. Арай эр дьон  үксүлэрэ фроҥҥа ыҥы-
           рыллан  баратларын  өйдүүр.  Бэйэтэ  дьонноругар  ороһу  оҕо  эбит.  Аҕата  Ховров  Иван
           Иванович  (1)  сааһа  тахсан  сэриигэ  ыҥырыллыбатах.  Ол  оннугар  биир  тылы  сатаан


                                                      300
   299   300   301   302   303   304   305   306   307   308   309