Page 302 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 302

IХОРО нэһилиэгэ

           ка биир сыл  биригэдьиирдээбитим.  Кыһын сыарҕалаах атынан,  сайын  ыҥыыр атынан
           сылдьар  этим.  Биригэдьиирдээн  үлэһиттэр  хайдах  үлэлииллэрин,  төһө  үүт  ыанарын,
           хас  ынах  баарын,  төһө  оту  сииллэрин  барытын  отчуоттуур  этим.  Ыраах  олорор диэн
           биригэдьиирбиттэн тохтоппуттара.
              1955     сыллаахха  кыра  холкуостан  улаатан  сопхуос  буолбута.  Онно  7  сыл  сибиин-
           ньэ  көрбүтүм.  Оччолорго сибиинньэ аһа суох буолан отунан,  сиэмэнэн  аһатар этибит.
           Маҥнай  10-ча  сибиинньэни,  онтон  100  сибиинньэни  көрөр  этим.  Олох  астара  суох
           буолан,  1962 сыллаахха сибиинньэни эспиттэрэ. Онтон уурайан баран ыанньыксыттаа-
           бытым,  ньирэй көрбүтүм, үүт астааччынан үлэлээбитим.  1965 сыллаахха кэргэн тахсан
           оҕоломммутум.  Ол  сылга  үчүгэй  үлэһит  буоламмын  партияҕа  киирбитим.  Мунньах-
           тарга  эҥин  сыддьар  этим.  Кэнники  райсовет  депутата  буолбутум.  70-с  сыллардаахха
           сопхуос  ферматыгар  биригэдьииринэн  2  сыл  үлэлээбитим.  Биригэдьиир  үлэтэ  наһаа
           ыарахана.  Сорох сайын  устудьуоннар тахсан көмөлөһөллөрө.  Сайын  2-3  көһөр этибит.
           Отордоон  ынахтар мэччийэр сирдэригэр көһөрөрбүт, онтон  ыалдьан уурайбытым.
              1974     сыллаахха Уус  Күөлүгэр көһөн тахсан деткомбинакка завхоһунан  1977 сыллаах-
           ха  диэри  үлэлээбитим.  Онтон  ыла  биэнсийэҕэ  тахсан  Окоемовкаҕа  көһөн  олорбутум.
           Сопхуос  ыһыллан  партияттан уурайбытым.
              1991  сыллаахха  кыыспын  батыһан  Чараҥҥа  көһөн  киирбиппит.  Билигин  5  сиэн-
           нээхпин,  биир хос сиэннээхпин.  Курбуһах нэһилиэгин  Бочуоттаах олохтооҕобун.
                                                                                       Ч араҥ   б ө һ ү ө л эгэ
                                                                                           0 6 .0 8 .2 0 1 9  с.


                                       Петрова Елена Ивановна

                                      Мин  1945  сыллаахха  от  ыйын  7  күнүгэр  Уус  Алдаҥҥа  Хоро
                                   нэһилиэгэр төрөөбүтүм.  Аҕам  Бурцев  Иван  Афанасьевич  субай
                                   сүөһүгэ  бостуук  этэ,  5  саастаахпар  өлбүтэ.  Ийэм  Тиит Арыыт-
                                   тан  төрүттээх  Бурцева  Анна  Семеновна  үйэтин  тухары  ыан-
                                   ньыксыт ыарахан үлэтигэр үлэлээбитэ.  Ол кэмҥэ үлэһит дохуот
                                   аахсара.  1952  сыллаахха  Чараҥ  оскуолатыгар  киирбитим.  Кэ-
                                   лин  Мүрү оскуолатыгар онус  кылааһы  бүтэрбитим.  Наар  интэ-
                                   ринээккэ олорон үөрэммитим. Доруобуйам мөлтөөн Бороҕоҥҥо
                                   киэһээҥҥи  оскуолаҕа  үөрэммитим,  үлэлээбитим.  Ол  кэмнээҕи
                                   оҕо аһа-таҥаһа биллэр,  ас  кырыымчык.  Сүрүн аһылыкпыт саха
                                   лэппиэскэтэ.  үрүҥ  ас  этэ.  Аҥаардас  ийэ  сүөһүтүтгэн,  дьиэтин
                                   үлэтиттэн ордубат этэ. Оскуолаҕа киирии эмиэ боростуой, суум-
           ка  диэн  суох,  үөрэнэр  малгын  былаакка  суулаан  илдьэ  сылдьаҕын,  ойуулаах  ырбаа-
           хынан  оскуолаҕа барар этибит,  тас да таҥас  мөлтөх,  тэлигириэйкэ кэтэр этибит.  Хата,
           интэринээт баар буолан абыраабыта. Таҥас биэрэллэр уонна аһаталлар этэ. Ас дьиэҕэр
           курдук буолбатах, син тоторгунан аһыыгын, куһуок саахары бастаан онно амсайбытым.
              Онус кылаас кэнниттэн Орто Эбэ интэринээт оскуолатыгар повар көмөлөһөөччүтүнэн
           үлэлээбитим.  Кэргэннэнэн ыал буолан 5 оҕону төрөппүтүм.  1968 сыллаахха Чараҥ дет-
           садыгар  ньээнньэлээбитим.  Онтон  биэнсийэҕэ  тахсыахпар  диэри  Чараҥ  библиотека-
           тыгар тохтобула суох 30-ча сыл уборщицанан  үлэлээбитим.
             Онон  инники  көлүөнэ  дьон  кыһалҕатаах  кэмҥэ  олорон,  үлэлээн,  айан-тутан  кэл-
           бит  үтүөлэрин-өҥөлөрүн,  дьоһун  кылааттарын  үрдүктүк  сыаналыах  кэриҥнээхпит.
           Билиҥҥи эдэр көлүөнэ ону сыанатаан,  кинилэргэ махтатлара  — сыралаах дьоһун үлэ-
           лэрэ,  олохторо буолуохтаах.

                                                                           М уу с ус т а р   2 3  к ү н э   2 0 1 9  с.





                                                       298
   297   298   299   300   301   302   303   304   305   306   307