Page 301 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 301

IХОРО нэһилиэгэ
        быта. Хамнаһын хайдах аахсарын өйдөөбөппүн. Арай киэһэ үдэдээн кэлэригэр килиэп,
        куһуок саахар  (Америка  саахара)  аҕачарыттан  олус  үөрэрбит,  кэтэһэр да  этибит.  Сар-
        сыарда үлэлии  барыаҕыттан түннүгү манаан  тахсарбытын өйдүүбүн.
           Сэрии  бүтэригэр  мин  5  саастаах этим,  онон  улаханнык  тугу да  өйдөөбөппүн.  Арай
        аҕабыт наһаа  үөрбүтүн онон-манан  өйдүүбүн.
           Тулунаҕа көспүппүт кэннэ 8 сааспар оскуолаҕа киирбитим.  Томторго көһөрбүттэрэ.
        Онно  интэринээккэ  олорон  2  сыл  курдук  үөрэммитим  быһыылааҕа.  Корь  ыарыыга
        ыалдьаммын 3-с кылааһы кыайан бүтэрбэтэҕим.  13 сааспын туолбутум кэннэ аҕам хол-
        куос үлэтигэр киллэрбитэ.  10-ча борооскуну биэрбиттэрин кыайан көрбөккөбүн улахан
        дьоҥҥо сыһыаран  үлэлэппиттэрэ.  Илии-атах буолан, дохуот аахсан арыы,  эт ыларым.
        Бу кэмҥэ холкуостаах оҕото буолан үлэ бөҕөтүн  үлэлээбитим.
           1956  сыллаахха  Тулунаҕа детсад  аһыллыбытыгар  үлэҕэ  киирбитим  уонна  1962  сыл-
        лаахха  диэри  дьааһылаҕа  үлэлээбитим.  22  сааспар  Орлов  Ньукулайы  көрсөн,  кэргэн
        тахсан Чараҥҥа олохсуйан, оҕо-уруу тэнитэн күн бүгүнүгэр диэри олоробун. 3 оҕолоох-
        пун, 6 сиэннээхпин,  6 хос сиэннээхпин.  Бэйэм 40-тан тахса сыл тыа хаһаайыстыбаты-
        гар  үлэлээбитим.  Биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри  сүөһү  көрүүтүгэр дьон  тэҥинэн  үлэ-
        лээн-хамсаан  сырыттаҕым.  Чараҥҥа  үлэлээбит сылларбын  олус  күндүтүк саныыбын,
        бииргэ алтыспыт,  үлэлээбит дьоммун  мэлдьи ахтабын, суохтуубун.
           Иккис  дойду  оҥостубут  хатыҥнаах  Чараҥмын  олус  сөбүлүүбүн,  таптыыбын.  Хо-
        мойорум  диэн,  ыарахан  үлэҕэ  оҕо  эрдэхпиттэн  үлэлээн  кырдьар  сааспар  хараҕа  суох
        хаалбытым  буолар.  Ол да  буоллар санаабын  олох түһэрбэппин,  оҕолорум,  сиэннэрим,
        хос сиэннэрим  ситиһиилэринэн дьоллонон  олоробун.

                                                                                    Ч араҥ   б ө һ ү ө л эгэ
                                                                                        0 9 .0 7 .2 0 1 9  с.


                                  Пухова Лукерья Андреевна


           Мин  1929  сыллаахха  кулун  тутар  15  күнүгэр  төрөөбүтүм.
        Аҕам  Пухов  Андрей  Николаевич  сүөһү  иитэр,  ийэм  Пухова
        Матрена  Афанасьевна  дьиэ  хаһаайыстыбатын  көрөр  этилэр.
        Ынахпыт этин, сүөгэйтэн арыы оҥорон аҕам куоракка киллэрэн
        атыылыыра.  Аҕам,  доруобуйата  мөлтөх  буолан,  1937  сыллаахха
        холкуоска  киирбэккэ 75  сааһыгар өлбүтэ.  Онон соҕотох ийэбэр
        иитиллибитим.  Бииргэ  төрөөбүт  иккиэ  этибит.  Пелагея  1916
        сыллаахха  төрөөбүтэ.  Эдьиийим  кэргэн  тахсан  Моххо  сиригэр
        олоро барбыппыт.  Кини  8 оҕолоох этэ.
           Оскуолаҕа  ыраах  учаастакка  олорор  буоламмын  9  сааспар
        биирдэ үөрэнэ киирбитим. Курбуһахха  1938 сыллаахха ийэм бал-
        тыгар олорон  үөрэммитим.  Сэрии саҕаламмытын дьонтон исти-
        битим.  Сэрии  иккис сылыттан окко,  ынах көрүүтүгэр,  сиэмэҕэ сырытыннаратлар этэ.
        Сэрии  кэмигэр аһыыр-аһаабат  икки  ардынан  сылдьар этибит,  оту-маһы  сиирбит.  Ал-
        дьархай  кураан сыллар этэ,  аһыҥа бөҕөтө буолан ханааба хаһан,  аһыҥалар онно түһэн
        өлөллөрө.  Ыарахан  да  үлэ  этэ.  Учууталларбыт сэриигэ  бараннар,  7  кылаастаах оскуо-
        ла  4  кылаас  буолбута.  Мин,  3-с  кылааска  үөрэнэ  сылдьан,  эдьиийим  оҕотун  көрөөрү
        тохтообутум.  Онтон  төннөн  4  кылааһы  онно  бүтэрбитим.  1944  сыллаахха  оскуолабыт
        сабыллыбыта. Онон  Мүрүгэ үөрэнэ киирбитим, биир сыл үөрэнэн баран олорор сирим
        суох буолан,  интэринээккэ ылбатахтара,  үөрэнэн бүппүтүм.
           Төннөммүн  Нүөкүнү холкуоһугар үлэлээбитим. Сэрии бүппүтүн оҕус сиэтэ сылдьан
        истибитим.  Сэбиэт сэкирэтээрэ  Охлопков  Афанасий  Егорович  кэлэн  эппитэ.  Ол  күн
        холкуос  үлэтин тохтотон бырааһынньык оҥорбуппут.  Холкуоска окко,  сүөһү көрүүтү-
        гэр, сиэмэ быһыытыгар үлэлээбитим.  1945-1946 сс.  холкуоспут бөдөҥсүйэн  3 холкуос-


                                                    297
   296   297   298   299   300   301   302   303   304   305   306