Page 11 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 11
Эдэр ыаллар Новгородовтар сыллата кэриэтэ оҕолонол-
лоро да, оҕо турбатаҕа. Барыта аҕыста оҕоломмуттарыттан
плиилэригэр уоллаах кыыһы эрэ тутан хаалбыттара. Бу о ф -
чотооҕу эмп-томп суоҕар, тиийиммэт-түгэммэт кырыымчык
олоххо саха ыалын барытын кэриэтэ сарбыйбыт көстүү этэ.
Опно эбии, аны «Сэрии!» диэн, саха киһитэ өтөр-наар ис-
гибэтэх тыла алаастар, үрэхтэр ыалларын тилийэ көппүтэ.
Бу суоһар тыл «Болөхтөһүү» колхуос алаастарынан бытанан
олорор ыалларыгар ыраас, былыта суох халлааҥҥа этиҥ эп-
питинии соһумардык иһиллибитэ. Оройуон кииниттэн бо-
ломуочунайдар сыбыытаабыттара, «Байыаннай балаһыан-
ньа» бары дьоҥҥо тэҥ буоларын хат-хат хатылаан, өйдөтүү
үлэтин ыыппыттара. Он гон колхуос үлэтин өрөтута сылдьар
чэгиэн-чэбдик бэйэлээх эдэркээн дьон бастакы хомуурга
ыҥырыллан, торөөн баран көрбөтөх-билбэтэх өстоөхтөрүн
сууһара арҕаа аттаммыттара. Дойдуларыгар баар турар-тур-
бат бары дьон «Кыайыы туһа!» диэн күүрээннээх үлэҕэ өссө
күүскэ туруммута.
Ити курдук 1942 сыл уоттаах сэрии үгэннээн бара турда-
ҕына, Новгородовтар ыал аҕалара Уйбаан Көстөкүүнэбис
бэс ыйыгар аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Бу кэмҥэ уоллара
Бииктэр биэс сааһыгар сылдьара, кыыстара Маайыс алта
эрэ ыйдаах оҕо хаалбыта. Оччолорго И.К.Новгородов ту-
гууга үлэлии сылдьар буолан, бу ыал Суоттуга олороллоро.
Ол кэм сокуопа кытаанах этэ. Үлэлээбэт киһиэхэ нуорма
бурдук бэриллибэт, онон ол киһи хоргуйан өлөр кутталга
сылдьара. Инньэ гынан Муоча кэргэнэ сэриигэ ыҥырыллан
барарын кытта оҕолорун «батарарга» күһэллибитэ. Ол кур-
дук уолун Бииктэри Суоттуга сэрии тулаайахтарын түмэр,
дьааһыла диэн ааттанар дьиэҕэ биэрбитэ. Оттон алта ый-
даах Маайыһын «Болөхтөһүү» колхуоска олорор эбэтигэр
Өлоөнөҕө аҕалбыта. Иги кэнниттэн дьонугар «Бөлөхтөһүү»
колхуоска тоннүор диэри, Матрена Михайловна 5 атынан
Сгпггтэ, Кэбээйи, Батамаайы сирдэриттэн балык таһыыты-
гар үлэлээбитэ. Таһаҕаска сылдьааччылар ол сирдэргэ бул-
гаммыт сибиэһэй уонна тууһаммыт балыгы Дьокуускайга
аҕалаллара. Онтон Дьокуускайтан төнноллорүгэр балыксыт-
гарга аһыыр ас, туттар тэрил тиэйэн илдьэллэрэ. Бу эр да киһи
саллар, чаҕыйар үлэтигэр Матрсна Михайловна эр дьонтон
хаалсыбакка 1944 сылга диэри сылдьыбыта. Биһиги, сэрии
кэннинээҕи көлүөнэ дьон, эгэ билиҥҥи ыччат кырдьаҕастар
итинник кэпсээннэрин остуоруйа курдук истэбит. Очтон

