Page 9 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 9

Сэрии  огдообото!
                       Колхуос  үлэтигэр
                       Күннэри-түүннэри
                       Миккиллибит,  хаппыт
                       Сэрии огдообото!
                      Аччыгы тулуйбут,
                      Атаҕастанары,
                       «Сээн» дэппэти  билбит
                       Сэрии огдообото!
                       Оҕотун  сүтэрбит,
                       Тоҥ-таас  буору хаспыт,
                       Ыардык ынчыктаабыт
                       Сэрии огдообото!
                       Эмньик эдэр сааһын,
                       Эрэнэр эркинин
                       Эрин мэлиттэрбит
                       Сэрии  огдообото!
                       Тулаайах эрэйин
                       Барытын тулуйбут,
                       Бу күҥҥэ тиийбэтэх
                       Сэрии огдообото!
                       Эн  ааккын  ааттааммын
                       Соҥуоран суруйдум,
                       Эйиэхэ  Мэҥэ  Таас
                       Элбиэ!  Эрэнэбин!..

                                     Уйбаан  Бахсылыырап,  2010  с.
   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14