Page 83 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 83
Биитэр билиэн түбэһэн
Муҥу-сору көрдүөҥ...
Сытар сиргин биллэрбит
Сыбыытаһыа этибит,
Сүүстэ, тыһыынчата бокуйан
Сүгүрүйүөх этибит!
...Арай кэлиий билигин —
Билиэҥ этэ дуо, биһигини,
Кыра кыргыттаргын...
Кырыйдыбыт билигин,
Эбээ буолан дьоллонон,
Олоробут наҥнаһан.
Арай кэлиий билигин —
Сүрдээх сүүнэ дьоннору,
Сүгүөҥ этэ сиэннэргин.
Онтон өссө элбэҕи,
Ааҕыаҥ этэ хос сиэни.
Бииргэ барбыт дьонноруҥ
Тыыннаах кэлбит хотойдор
Үлэ үөһүн тутаннар,
Дьоһун-мааны буойуннар
Уордьан, мэтээл ыллылар,
Арай куруук эн суоххун,
Ахтылҕаннаах аҕабыт!..
1995 с.
А.Е.Бурнашева,
Лөгөй нэһилиэгэ
Тулаайахтар болҕомтону эрэйэбит
Улуу Кыайыы 55 сыла буолара хас хонон турдах ахсын
улам-улам чугаһаан иһэр. Бу үөрүүлээх үбүлүөйү били-
гин төһө да аҕыйааталлар, сэрии, тыыл ветераннара үөрэ-
көтө көрсүөхтэрэ. Мин аҕам Шестаков Дмитрий Иванович
«Кыһыл аграном» колхозка үлэлээн олорон 1943 сыллаахха
Ийэ дойду көмүскэлигэр барбыт. Хомойуох иһин, аҕам хан-
на, хайдах сэриилэспитин, көмүс уҥуоҕа ханна хаалбытын
күн бүгүнүгэр диэри чуолкайдык билбэппин. Ол 1943 сыл-
лаахха мин аҕабын кытта армияҕа ыҥырыллан барбыт Хоро
нэһилиэгин Хатыҥ Сыһыы олохтооҕо Петр Семенович
Стручков уонна Тулуна киһитэ Гаврил Сергеев Илин Япо-
ния сэриитигэр сылдьыбыттара биллэр. Мин аҕам туһунан
сэрии ветерана, өр кэмҥэ оройуоҥҥа милиция начальни-

