Page 82 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 82

нашеваларга  2009  сыл  «Лөгөй  нэһи-
                           лиэгин  Бочуоттаах  олохтооҕо»  аат
                           иҥэриллибитэ.
                              Улуу  Кыайыы  50  сылын  көрсө
                           Мария  Егоровна  Бурнашева  аҕатын
                           сырдык кэриэһигэр анаан хоһоон су-
                           руйбут  этэ.  Ол  хоһоону,  мин,  кии-
                           рии  тыллааммын  1996  сыл  муус
                           устар  9  күнүгэр  «Мүрү  саһарҕата»
                           хаһыакка  бэчээттэтэн дьон  билиити-
                           гэр  таһаартарбытым.  Билсиҥ,  сэрии
                           тулаайаҕа  М.Е.Бурнашева  суруйбут
       Мария  Егоровна     хоһоонун.
     Бурнашева сиэнинээн

                         Аҕабыт кэриэһигэр

                       Хараҕа суох аҕаҕын,
                       Икки кыра оҕоҕун,
                       Хааллараҥҥын барбытыҥ,
                       Ийэ сиргин  көмүскүү!..
                       Бэбиэскэни тутаат:
                       —  Оҕолорум  буолларгыт
                       Умнумаарыҥ,  — диэн  этээт,
                       Тахсан  баартыҥ түргэнник...
                       Харах уутун хаалларан,
                       Эппит кэмчи тылларгын,
                       Умнубаппыт букатын.
                      Арай сэбэрэ  мөссүөҥҥүн
                       Өйдөөбөппүт адьаһын!
                       Саатар  биирдэ  эмэтэ
                      Хаартыскаҕа түһэҥҥин,
                       Хаалларбатах эбиккин
                       Көрсүө,  сэмэй дьүһүҥҥүн.
                       Сабан  барбыт ааҥҥын
                       Саҥата суох кэтээн,
                       Киэһээ ахсын күүтэрбит,
                       Курас туустаах харах уутун
                      Таммалатар  буоларбыт!
                      Миҥэ  маҥан  аккын
                      Кэриэс гынан  көрөрбүт,
                      Ийэбитин  эрэйдээн
                      Иэйэр-куойар  буоларбыт.
                      ...Ханна буолуой уҥуоҕуҥ,
                      Үлтүрүйбүт өлүгүҥ...
   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87