Page 25 - Умнуллубат ол сыллар.. 2012 М.А
P. 25
туох даумнуллубат
Дегтярёв Иннокентий Павлович
Мин 1930 сыллааххасэтинньи 30 күнү-
гэр Бээрийэҕэ колхозтаах Дегтярёв Павел
Павлович дьиэ кэргэнигэр төрөөбүгүм.
Ийэм — Дегтярёва Парасковья Самсонов-
на. Кыра, хачаайы буоламмын, үөрэххэ
1940 сыллаахха киирбитим. Бээрийэ ос-
куолатын 1944 сыллаахха бүтэрбитим.
Аҕабыт 1942 сыллаахха от тиэйэн кэлэн
баран, икки хонукка ыалдьан өлбүтэ.
Ийэбиг колхозка ыанньыксыттаан баран,
сөтөл ыарыыга ылларан, 1945 сыллаахха
өлбүтэ.
Мин оҕо сааһым уоммар диэри, сэрии иннинэ эрэ, кыһалҕа-
та суох ааспыта. Бээрийэ кииниттэн 3-4 км Убаһалаах диэн са-
йылыкка олорон оонньоон, сөтүөлээн, моҕотойдоон көрүлээ-
биппитин олус кэрэтик саныыбын, ахтабын.
Сэрии саҕаланаатын кытта оҕо саас көрө-нара мэлийбитэ.
Оччотооҕу кытаанах олоххо «киэһээ тугу сиирбит буолла» диэн-
тэн атыны толкуйдаабат буолбуппут. Сэрии сылларьҥар аҕабыт
өлбүтэ. Ийэбит сөтөл буолан охтубута. Эдьиийбит Ылдьаана
колхозка ыанньыксытынан үлэлиирэ. Интернат хааһыта баар
буолан абыраабыта.
Бээрийэҕэ саха балаҕаныгар 5-6 ыал дьукаах буолан олор-
буппут. Сут сылларга сылгы охтон өлбүтүн ким эмэ таба көрөн
тиэйэн аҕаллаҕына, туустаан буһаран сиир түгэннэр бааллара.
Амтана суох да буоллар, иһиҥ, кырдьык, көппөйөр этэ. Эр дьон
армияҕа баран, биһиги, оҕолор, күн тура-тура мас эрбиирбит.
Көмүлүөк оһоххо тымныы ыйдарга биир сыарҕа маһынан хо-
норбут. Сайынын лууктаан, үөрэ отун, кииһилэни үргүүрбүт.
Сут дьылларга Бээрийэҕэ күөллэр уоланнар, балык да суох
буолбута. Күһүн Кумахтаах диэн күөлгэ дэҥ муҥхалыыллара.
Саас биһиги, уолаттар, уолан эрэр күөллэртэн ким эмэ аллар-
быт ойбонуттан күөрэйэн тахсыбыт собону итигэстээн сиир-
бит. Бээрийэ үрэҕэ эрдэ хаһыҥныыр буолан, сиэмэни ыспыт-
тарын да иһин, дэҥ лэппиэскэ буолар үүнүүнү хомуйаллара.
1947 сыллаахха Танда 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэххэ
киирэнбаран, 1951 сыллааххабүтэрбитим. 1952сыллааххаМү-
23

