Page 22 - Умнуллубат ол сыллар.. 2012 М.А
P. 22
Ким да умнуллубат,
лөһөр этим. Уон икки саастаахпар фер-
маҕа ыанньыксыттыы барбытым. Онтон
ыла «Баҕадьанан», «Халаманан» үлэлээ-
битим. Уон икки сыл ыанньыксыттаабы-
тым. Онтон фермаҕа асчытынан үлэлээ-
битим.
Сэрии ыар сылларыгар сайынын окко,
саас күһүн сир хорутуутугар үлэлиир эти-
бит. Ыанньыксыттыы сыддьан ньирэй-
дэрбитин бэйэбиткөрөрбүт, сиир отторун
бэйэбит отгуур этибит.
Биир оҕолоохпун, түөрт сиэннээхпин,
биир хос сиэннээхпин.
Олунньу, 2004 с.
Луковцева Анастасия Ивановна
Мин 1929 сыллаахха тохсунньу 16 кү-
нүгэр Таатта оройуонугар Баайаҕа нэһи-
лиэгэр төрөөбүтүм. Ийэм Арыыса кыра
сааспар өлбүт. Аҕам Уйбаан колхозка үлэ-
лиирэ.
Сэттэ сааспар оскуолаҕа киирбитим.
Ити сыл аҕабын аармыйаҕа ылан барбыт-
тара. Миигин аймахтарбар олохтообутта-
ра. Ити курдук, дьонтго олорон, илии-
атах, көмө киһитэ буоларым. Сайынын
ынах хомуйарым. Эмээхситтэри кытта
иҥиир сап хатан, этэрбэс тигэрбит. Тикпит танаспытын аар-
мыйаҕа ыыталлара. Сэрии, сут ыарахан сыллара этилэр.
Кэлин 1948 сыллаахха Хара-Алдан нэһилиэгэр кэргэн тах-
сан олохсуйбутум. Кэргэним Громов Николай колхозка үлэ-
лиирэ.
Билигин уон сиэннээхпин, икки хос сиэннээхпин. Оҕоло-
рум үөрдэ олороллор. Бары үөрэх дьоно. Баҕарыам этэ бар
дьоммор бары үчүгэйи, сырдык, эйэлээх олоҕу.
2004 с.
20

