Page 229 - Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер. Иван Жирков
P. 229
«Абылаҥ» түмсүүнү тэрийбитэ
Мин Уйбаан Мэхээлэйэбиһи кытта Мүрү 2-с
№-дээх орто оскуолатыгар физкультура учуута-
»1 лынан үлэлиир кэмигэр чугастык билсибитим. Ол
даҕаны инниттэн билэрим, ол эрэн адьас чугастык
алтыспатаҕым, арай оҕо сылдьан, биир-икки күн
'ЩЯт, хайыһар дьарыгар уопиа сайып иааркаҕа сүүрүүгэ
Я^ И И К |И В | бэлэмнинр к )мш ар сыл дьыбы I 1аа1,1.1м. Дьо^урум
Щ Ц т Р суох буолан, хайыһардьыт буолбатаҕым.
Онтон, ааспыт үйэ тоҕус уон алтыс сылыгар,
Мүрү иккис оскуолатыгар үлэлии сылдьан, дуобат оонньуутунан
үлүһүйэн бардым. Баһылай Копырин диэн убайбытынаан иллэҥ
буоллубут да, тиниктэһэн барарбыт. Аны Айаал Шарин Баһылай
Охлопковтыын, улахан саахыматчыт убайбытын кытта, саахымакка
оонньуур буолан бардылар. Таһымнара биһигиттэн быдан үрдүк буо
лан, туспа оонньууллар. Бастаан Уйбаан мээнэ көрөр эрэ этэ, кыт-
тыспат, саатар биһиги үксүн кини үлэлиир хоһугар мустар этибит.
Үлэтин быыһыгар кэлэн кэтээн көрөрө. Биһиги: «Оонньоо», - диэн
хаайар этибит даҕаны, сатаабаппын диэн олох буолуммат этэ. Онтон
сотору кэминэн, аны биир убайбыт Мэхээлэ Уйбаныап кэлэн кыт-
тыста. Уйбааммыт тулуйбата, Мэхээлэлиин туспа паара буоллулар,
дуобаты улаханнык сэҥээрбэттэр, наар саахымат оонньууллар. Дьэ,
үлүһүйүү буолла, аны оҕолор кытта кэлэн оонньоон бардылар. Ити
эмиэ, бука, Уйбаан дьаһала буоллаҕа буолуо... Мэхээлэйэбис бэйэтэ
да оонньууга улаханнык ылларда, аны оҕолору эрчийэн барда. Ол
түмүгэр, биһиги оскуолабыт дуобакка, са
ахымакка инники күөҥҥэ сылдьар буолбута.
Т Ш я гш м и
Уйбааннаах Мэхээлэ бэркэ тапсан оон
ньууллар этэ, үксүн саахыматтаан тахсалла-
ра. Бэл диэтэр, күһүн күөлгэ муус ыла киирэн
баран, Мэхээлэ «Москвич» массыынатын
иһигэр саахыматтыы олороллор диэн кэпсээн
баар буола сылдьыбыта. Муустарын хайдах
дьаһайбыттара буолла, ол эрээри иккиэн да
лоп-бааччы дьон этилэр, муустарын дьаһай-
ан баран оонньообут буолуохтаахтар. Дуобат,
саахымат оонньуубут тэнийэн барда, уксааны

