Page 233 - Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер. Иван Жирков
P. 233

сайын  «Абылаҥ»  түмсүү тэ-
                                               риллибитэ  25  сылын  туолар,
                                               онно бэлэмнэнэн көрсүө эти-
                                               бит», -  диэбитэ.
                                                  Иван  Михайлович  Уус
                                               Алдан спордун баай история-
                                               тын  үөрэтэн,  элбэх  матыры-
                                               йааллары  хаһыакка  бэчээт-
                                               тэппитэ,  хас  да  кинигэни
                                               суруйан таһаарда.  Бу сүрдээх
                                               сыралаах  үлэ  диэн  сыана-
                                               лыыбын  уонна  ыстатыйала-
                                               рын сөбүлээн ааҕабын.
                                                  Кини  уһанарын  сөбүлүү-
                                               рэ, ол курдук саха быһаҕынан
                                               кыһан,  мындырдык  толкуй-
                                               даан  араас  оҥоһуктары  оҥо-
                                               роро.  Мин  75  сааспын  ту­
                                               олар  үбүлүөйбэр  саахымат
                                               фигураларын  хатыҥ  мастан
          быһан, чочуйан, остуолун холбуйалаан «Абылаҥ» түмсүү аатыттан бэ-
          лэхтээбитэ. Ол билигин миэхэ күндү бэлэх буолан турар.
            Иван Михайлович дьоҥҥо үтүөтэ-өҥөтө элбэх.  Кини сырдык мөс-
          сүөнэ, киһи быһыытынан кэрэтэ, олоххо дьулуура биһиэхэ барыбыты-
          гар холобур буолуоҕа.

                                              Юрий Алексеевич БУРНАШЕВ,
                                 үлэ, спорт бэтэрээнэ, Россия эргиэнин ту (купи,
                                       дуобакка ССРС маастарыгар кандидат,
                                 «Уус Алдан улууһун социальнай-экэншиичэскэй
                                      сайдыытыгар кылаатып иһин ” бэлиэлээх,
                                      Мүру тһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.


                 Ыкса ыалым, чугас доҕорум этэ


             Уус  Алдан  оройуонун  Байаҕантай  нэһилиэгин  Бээрийэтит-
          тэн  төрүттээх  Иван  Михайлович  Жирков  Мүрү  орто  оскуолатыгар
          үөрэнэр  кэмнэригэр дьарыктанарыгар улахан  көмөнү оҥорбут учуу-
          тала  Иван  Христофорович  Кондратьев  буолбут.  Кини  Уйбааны  7-с
   228   229   230   231   232   233   234   235   236   237   238