Page 307 - Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер. Иван Жирков
P. 307
билсэ-көрсө олорбуттар. Ол иһин биһиги, оҕолор, аймах-уруу дьом-
мутун билэн улааппыппыт. Онтон таайбыт Иван Михайловиһы кыт-
та чугастык алтыһарбыт, наһаа күн аайы да буолбатар, хайдах-туох
олороллорун сураһан билсэ олоробут, кэлин мобильнай сибээһинэн
ыкса билсэбит.
Биһиги оҕо эрдэхпитинэ, дьиэ кэргэнинэн Уус Алдаҥҥа сыл аайы
да буолбатар, сайын баран кэлэр этибит. Ол курдук, 1957 сыллахха
аан бастаан бары айаннаабыппытын өйдүүбүт. Бастаан аҕабыт дьо-
нугар Арыылаахха ыалдьыттаабыппыт, онтон ийэбит эдьиийигэр
Бороҕоҥҥо тиийбиппит. Онно өссө таайбыт аах эһэлэрэ баара. Ол
£306] аймахтар көрсүһүүлэрин Бүөтүр Дедюкин фотоаппаратынан түһэр-
битэ, ол хаартыскалара билигин үйэлээх өйдөбүл буолан, биһи-
ги дьиэ кэргэн альбомугар хараллан сыталлар. Өтөр-өтөр ылан
2
көрөбүт, аймахтары ахтан-санаан ааһабыт. Оччолорго таайбыт Иван
Михайлович куудара баттахтаах, хатыҥыр эрээри тэтиэнэх бөҕө,
биһигини, оҕолору, уочаратынан билисипиэтинэн хатааһылатара,
оҕолор элбэхпит да бэрт этэ. Кини онно соҕуруу үөрэххэ бараары
сылдьар кэмэ этэ. Ол күннэргэ кыра, үстээх бырааппыт муннугар
кумааҕы симтэн, тыына-быара хаайтаран, дьоммут аймалҕан, «һуу-
һаа» бөҕө буолбуттара. Ону хата, таайбыт билисипиэккэ олордон,
түргэнник балыыһаҕа илдьэн, ол симиллибит кумааҕыны ылларан
кэлэн, дьоммут үөрбүттэрин өйдүүбүт. «Бырааппыт Баанньа, хата,
түргэнник дьыаланы быһаарда», - диэн махтаммыттара. Дьэ, ол
курдук, биһиги оҕолор таайбытын кыра эрдэхпититтэн киэн тут-
та, дириҥник ытыктыы улааппыппыт. Кини чулуу спортсмен, киэҥ
билиилээх-көрүүлээх педагог, туруу үлэһит, дьиэ кэргэн бас-көс
баһылыга, ис-иһиттэн үрдүк культуралаах интеллигент. Киһиэхэ бэ-
риллэр туох баар бары үтүө хаачыстыба барыта киниэхэ баар этэ.
Биһиги тапталлаах таайбытым ыарахан ыарыы кылгас юм иһигэр
«кум-хам» тутан орто дойдуттан илдьэ барда. Киэҥ, халыҥ уруу-ай-

