Page 304 - Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер. Иван Жирков
P. 304

Улуус спордун үйэтиппит учуутал, тренер
          тэрээһини сөргүтээри хаста да хомуйа сатаабыта да, бары үлэ дьоно
          буолан кыайан мустубакка хаалбыппыт. Ол санаатын, быйыл сайыи
          саатар Тандаҕа көрсүөххэ  сөп этэ диэн  биллэрбитэ да,  бэс  ыйыгар
          Иван Михайлович хомолтолоохтук олохтон туораабыта...
             Иван  олоҕун тиһэх күнүгэр диэри  үлэлии, айа-тута сылдьыбыга
          биһиэхэ холобур буолар.  Ол курдук, Иван  Михайлович спорка үгүс
          элбэх ситиһиитэ, такайан таһаарбыт спортсменнара кини үтүө ааты 11
          өссө да өр ааттата туруохтара...  кини айбыт хоһооннорун  кинигэтэ,
          Уус  Алдан  чулуу  спортсменнарын  үйэтитэн  таһааттарбыт  кинигэ­
          тэ, эт илиитинэн уһанан хаалларбыт дьиэ тэриллэрэ, саахыматтара,
          ыскамыайкалара куруук кинини саната туруохтара.
            Мариялаах  Иван  үс  оҕо амарах,  тапталлаах  ийэтэ-аҕата  буолан,
          бэйэлэрин  да,  оҕолорун  да үгүс  ситиһиилэриттэн  дьоллонон,  үтүо
          бэйэлээхтик олорбуттара. Ону баара, күҥҥэ көрбүт көмүс чыычаах-
          тара  -   уоллара  Ваня  саҥа  олорон,  үөрэнэн  иһэн  хомолтолоохтук
          олохтон  туораан,  дьонугар  ыар  охсуу  буолбута...  онтон  ыла  Иван
          сүрэҕэ улаханнык ыалдьар диэн мин өйдүүбүн.
            Кыргыттара Лена,  Варя  үөрэхтээх  үтүө  үлэһит,  мааны  ыал  буо­
         лан, сиэннэри бэлэхтээн, дьоннорун үөрдүбүттэрэ, дьоллообуттара.
          Иван син эмп көмөтүнэн, үлэҕэ аралдьыйан олоро түһүөҕүн, Лена-
         ларын соһуччу сүтэрэн эмиэ улахан охсууну ылбыта...
            Убайбыт Иван  Михайлович Жирков -  саха саарына,  киһи  киэнэ
         кэрэмэһэ, үлэһит үтүөтэ буолан, биһиги аймахха тумус туттар киһи-
         бит,  долгуйа-махтана,  ытыктыы  ааттыыр  убайбыт  биһиги  өйбүтү-
         гэр-сүрэхпитигэр куруук баар буолуо.
                           Анна Федоровна МЕСТНИКОВА, Иван Михайлович
                                   пгаайын Федор  Иванович Васильев кыыһа.
                           «СР уорщириитин сайдыытыгар кылиатын иһин»,
                                        Ил Тумэн бэрэсэдээтэлин урункомус,
                    «Уус Алдан  уөрэҕириитин сайдыытыгар кылиатын иһин»,
                              Байаҕинтий нэһилиэгин «Хабырылла Дьогуорэн»
                                                  бочуоттаах бэлтл >р<) > >х.
   299   300   301   302   303   304   305   306   307   308   309