Page 19 - Уйэ анаара тустуу сайдыытыгар
P. 19

быһыытынан дьарыктанныбыт. Ол быыһыгар биирдиилэн-икки-
    лиилээн тарбахха баттанар дьонум суохтар. Саҥата суох куор-
    пуска баран хостору көрдүм, биир хоско киирбитим ханна эрэ
    оҕо сөтөллөр, өйдөөн истибитим муоста анныгар сөтөллөр эбит.
    Көрбүтүм истиэнэ кытыытыгар, орон анныгар икки муоста маһа
    көтүллүбүт эбит, ону арыйа баттаабытым биир оҕом онно сытар
    буолан биэрдэ. Бэйэтэ да кыбыһынна, мин да кыбыһынным. Он­
    тон ылата саспат буолбуттара.
       Иккис түгэн оройуоннайга Сыырдаахха туста бардыбыт, Ан­
    дрей Христофоров 35 кг тустуохтаах. Киэһэ дьарык кэннэ 500 г
     түһэрэрэ хаалбыт. Сарсыарда кэлэн ыйааһыҥҥа турбута 36 кг
     200 г көрдөрдө. Ыйааһыҥҥын туппатаххын, тоҕо наһаа аһаа-
     тыҥ диэтэхпинэ, киһим олох аһаабатаҕым диэн мэлдьэһэр. Онуо-
     ха мин: «Андрей, бэҕэһээ ыйааһыныҥ бачча этэ, бүгүн баччаҕын»,
     - диибин. Онуоха киһим умса көрөн олорон: «Николай Романо­
     вич, ыаллар аһаа дииллэр», - диэтэ. Андрейбын дэлби аһынным,
     интернат оҕото ыал аһын аһыыр буоллаҕа. Ким киниэхэ дьиэ
     аһын бэлэмниэ буоллаҕай. Ол да буоллар, кыайтарыаҥ да сэрэн
     диэн буолла. Иккис күн ыйааһыны үчүгэйдик аастыбыт. Финалга
     бэйэбит уолбутунаан Москвитин Гошалыын таҕыстылар. Төрүкү
     кыайар киһитин олох тулуппата. Ыйааһыммытыгар оройуон
     чемпиона буоллубут, өссө «За лучшую технику» диэн анал бириис
     ыллыбыт. Хамаанданан Сыырдаах, Мүрү кэннилэриттэн, бочуот-
     таах үһүс миэстэ буоллубут.
        Оскуолабытыгар тустууга, хайыһар филиалыгар Кострамин Ва­
     силий Петрович, боксаҕа Владимиров Константин үлэлээбиттэрэ
     уонна музыкальнай оскуолаҕа Алексеев Егор баара. Курбуһахтар
     үлэһит баҕайы дьон этилэр, субботник бөҕө буолара. Бары үлэҕэ
     күргүөмүнэн тахсаллара. Күһүн куобах күрэҕэр учууталлар учуу-
     тал күнүн ыла тахсар буоларбыт. Куобах бөҕөнү өлөрөрбүт, ол
     быыһыгар улахан да булт түбэһэрэ. Күһүҥҥү муҥхаҕа эмиэ ба-
     рарбыт, муҥхаҕа оҕолуун-уруулуун бары тахсаллара. Мин ол ин-
     нинэ хаһан да куобах күрэҕэ, уопсай улахан муҥха диэҥҥэ сыл-
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24