Page 3 - Сырдык ааккар сугуруйэбит
P. 3
Шелковников Михаил Михайлович
(1924-1971)
Улуу кыайыы 75 сылын көрсө хас биирдии ыал, киһи
махталлаах дъоннорун туһунан туох эмэ өйдөбүл кэлэр
көлүөнэлэригэр хаалларыан ба^арар. Билигин да биһиги
билбэппит элбэх, эгэ биһиги ыччаттарбыт, чуолаан
сиэннэрбит, хос сиэннэрбит билиилэрэ сыл, хонук
аастсцын ахсын татымыран иһэр. Онно биһиги да
көтүтүүбүт улахан уонна биһиэхэ төрөппүттэрбит
да улаханнык кэпсээбэтэхтэрэ эмиэ үгүс мэһэйи
үөсютэр.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат диэн ох
тылы тутуһан, биһиги төрөтүттэрбит туһунан
кыра да буоллар өйдөбүнньүк курдук хаалара буоллар
дюн санаанан салайтаран бу кыракый
бэлиэтээһиннэрбин сурукка тиһэргэ сананным.
Биһиги аҕабыт Шелковников Михаил Михайлович 1924 сыллаахха элбэх
оҕолоох Шелковников Михаил Петрович уонна Новгородова Фекла Прокопьевна
диэн ыалга Маалы диэн сиргэ бүтэһик тохсус оҕонон күн сирин көрбүтэ. Бииргэ
төрөөбүтгэртэн 7-тэ уол, 2-тэ кыыс оҕолор этэ.
Биһиги аҕабыт Дүпсүннэ сэттэ кылааһы үөрэнэн бүтэрэн оччолорго үөрэхтээх
киһинэн ааҕыллара. Үөрэҕин бүтэрэн баран сэрии иннинэ кини колхозка хонуу
үлэтигэр үлэлээбит, кэлин биригэдьиирдээбит. Син элбэх киһини салайан,
дьаһайан кэллэҕэ. Уоттаах сэрии саҕаланыытыгар 17 саастаах буолан маннайгы
хомуурга хабыллыбатах. 1942 сыллаахха уон аҕыһын туолаат да, Чурапчы
военкоматынан сэриигэ ынырыллыбыт. Биһиги аҕабыт Аҕа дойду сэриитигэр
син атыттар курдук хорсуннук сэриилэстэҕэ. 1946 сыллаахха арҕаа уонна илин
фроннарга уоту-буулдьаны быыһынан эт-хаан сэймэктээһиннээх сэрииттэн
ордон, биир бааһа-үүтэ суох төрөөбүт алааһыгар эргиллэн кэлбит дьоллоох.
Сэрииттэн эргиллэн кэлэн дойдуну чөлүгэр түһэриигэ эдэр киһи эрчимнээх
илиитэ күүстээх үлэ үөһүгэр түспүтэ диэн көрбөтөрбүт да сүүс бырыһыан этэр
кыахтаахпыт. 1948 сыллаахха Дабаадыматган төрүттээх Елена Андреевналыын
ыал буолаллар, утуу-субуу биир кыыс, икки уол оҕолоноллор. Улахан кыыс Надя
6 оҕолоох, үгүс элбэх сиэннээх. Чурапчы улууһугар Мындаҕаайы диэн
дэриэбинэҕэ бэрт үчүгэйдик олорор.
Орто уол Федя Бороҕонҥо Мындааба бөһүөлэгэр СХТ-ҕа үтүө суобастаахтык
үлэлээбитэ, уоллаах кыыс оҕоломмута, сиэннэрдээх, хомойуох иһин баара суоҕа
38 сааһыгар ыарахан ыарыыттан бу күн сириттэн барбыта, кыра уола Вася
Дүпсүҥнэ олохсуйан, ыал буолан, 5 оҕолонон, сиэннэрдэнэн баран биэс уон
сааһын туолбакка сылдьан олохтон туораабыта.

