Page 4 - Сырдык ааккар сугуруйэбит
P. 4

Биһиги  аҕабыт  Михаил  Михайлович  бастакы  кэргэнинээн  уһуннук
        олорботохторо,         1953  сыллаахха  кэргэниттэн  арахсан  биир  оҕолоох
        Стрекаловская          Анна        Александровнаны             кэргэн       ылбыта.        Анна

        Александровнаттан  барыта  14  оҕолонон  баран  11  оҕону  иитэн,  көрөн
        киһи-хара  онорбуттара.  Аҕабыт  сааһын  тухары  "Октябрь"  колхозка
        суотчутунан,  хонуу  биригэдьииринэн,                   кэлин  фермаҕа  үүт  сыаҕын
        сэбиэдиссэйинэн  үлэлээбитэ.  Биһиги  аҕабыт  уоттаах  сэрииттэн  тыыннаах
        ордон кэлэн баран Кыайыы 25 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх ыһыахха киирэн
        кыттыыны ылбыта, ол кэннэ 1971 сыллаахха ыам ыйыгар эмискэ ыалдьан,  11
        оҕону тулаайах хаалларан, бу күн сириттэн барбыта, саамай улахан оҕото  19,
        кырата 2 эрэ саастаах этэ.
           Ииппит  улахан  уола  Иван  Стручкова  Александра  Семеновнаны  кэргэн
        ылан, 2 уол оҕолонон баран эдэрчи сааһыгар олохтон туораабыта.
           Улахан кыыс Варвара кэргэнинээн Сергеев Иннокентий Михайловичтыын 4
        оҕону  төрөтөн,  иитэн  үлэһит  оҥортоотулар,  иккис  кыыс  Розалия  Ховров
        Андрей Ивановичтыын ыал буолан 2 кыыс оҕолоохтор, үһүс кыыс Валентина
        Пермяков  Василий  Михайловичка  кэргэн  тахсан  4  оҕону  төрөтөн  отут
        сааһыгар  огдообо  хаалан  баран  соҕотоҕун  дьон  онортообута,  ыарахан
        ыарыыттан  2010  сыллаахха  бу  дойдуттан  барбыта,  улахан  уол  Владимир

        Тулуна  кыыһын  Дьяконова  Мария  Михайловнаны  кэргэн  ылан  икки
        оҕоломмутгара,  Володя  пенсия  сааһыгар  тиийбэккэ  сылдьан  соһумардык
        ыалдьан  өлбүтэ,  Михаил  Майаҕастан  Копырина  Ефросинья  Николаевнаны
        кэргэн ылан,  биэс оҕолонон билигин  пенсияҕа олороллор,  онтон Александр
        Кэбээйи Мукучутутган Каратаева Варвара Николаевна диэн биэлсэр идэлээх
        кыыһы  кэргэн  ылан  олорор,  алта  оҕолоох,  онтон  кэлэр  уол  Валера  Нам
        улууһугар Хатырыкка сааһын тухары участковайынан үлэлээн баран билигин
        бочуоттаах  сынньалаҥҥа  олорор,  кэргэнэ  Анна  Алексеевна,  икки  кыыс
        оҕолоохтор,  төрдүс  кыыс  Фекла  Бороҕоҥно  олохсуйан  Тарскай  Николай
        Иннокентьевич  диэн  киһиэхэ  тахсан  быр-бааччы  олорор,  эмиэ  түөрт
        оҕолоохтор, кыра уол Роман Дүпсүшгэ олорбута, кэргэнэ Горохова Айталина
        Егоровна,  үс  оҕоломмуттара,  Рома  эмискэ  сүрэҕинэн  ыалдьан  44  сааһыгар
        суох  буолбута,  саамай  кыра  кыыс  Полина  кэргэнинээн  3  оҕону  төрөтөн

        сүһүөхтэригэр туруоран этэннэ олороллор.

                                          Мэхээс уола Мэхээлэ
                    Киэн тугун, киэҥ Маалы,                 Кыргыс уустук сэбигэр
                    Дьоһуннаах ыччаккынан,                  Уһуйуллан үөрэнэн,
                    Биэкю аймах кыра уола                   Минометчик бэрдэ буолан,
                    Мэхээс уола Мэхээлэнэн.                 Аатырбыта сэриигэ.


                    Уон а ҕы стаях сааһыгар                 Иэйэхситэ эҥэрдэһэн,
                    С итэн-хотон, кыаҕыран,                 Айбыттара арчылаан,
                    Киһи бэрдэ, кэрэмэһэ                    Кыайыы үрдүк көтөллөнөн,
                            испит
                    Тахсан испит Мэхээлэ.                   Эргиллибит дойдутугар.
   1   2   3   4   5   6   7   8   9