Page 70 - Баһылай-Мүрү. Лена тэрээһиннээх хаһаайыстыба
P. 70

баар, үлэһит илии тиийбэт.
             —Биһиги  ордук  сайыҥҥы  кэмҥэ  үлэһиттэргэ  наадыйабыт.
         Дуогабарынан ким баҕалаах кэлэн үлэлиэн сөп, — диир Иннокентий
         Иннокентьевич. Бааһына бүтэйдээһиншэр, араас тутууларга телебу­
         рун харчынан эбэтэр бородууксуйанан төлөһүөхпүтүн сөп.
             Саҥа үйэҕэ Саһылыкаан сайдар-үүнэр кэскилэ — үтүө үлэһит
         дьонугар тирэҕирэр.
                                                   2002 сыл,  Саһылыкаан.



                             Бэйэ килиэбэ  минньигэс


             Үс сыллааҕыта Саһылыкаан бөһүөлэгэр бурдук хаһаайыстыбата
         тэриллэн, билигин балачча кыахтаахтык дьаһанан үлэлии олорор.
         Бу отучча үлэһитгээх хаһаайыстыбаны Иннокентий Иннокентьевич
         Портнягин салайар.
             Хаһаайыстыба үлэтин-хамнаһын туһунан билсиэх буолбут баҕа
         санаа баар этэ даҕаны бүгүн эмиэ түгэн көстүбэтэ. Арай салайаач-
         чыларын Иннокентий Иннокентьевиһы Суотгуга көрсөммүн сэһэр-
         гэсгим. Көрсүһүүбүт хаһаайыстыба сиригэр-уотугар буолбатах буолан
         кэпсэтии соччо тахсыбата.
             Быйылгы ыһыыларын иэнэ 437 гектар, онтон 141 гекгарга эбиэс,
         191 гектарга сэлиэһинэй ыһыллыбыт. Үүнүү эриэ-дэхси буолуоҕун,
         100 гектардаах саҥа бааһына курааннаан улахан харгыс тахсыбыт.
         Онон  гектартан  төһө-хачча  бурдугу  ылыахтарын  чопчу  этэрин
         Иннокентий  Иннокентьевич  ыарырҕатта.  Ол  эрэн  сири  кытта
         үлэлээччилэр  үлэлэрин түмүгэ хаһан  баҕарар хомуур кэнниттэн
         биллээччи.  Саһылыкааннар  даҕаны  хомуурдара  атыттартан
         хаалсыбатар ханнык.
             Саһылыкааҥҥа бурдук үүннэрэр буолуохтарыттан биир үтүө
         үгэс олохтонно.  Ол сэлиэһинэй бурдугун мэлийии буолар.  Онон
         кэккэ нэһилиэктэр бэйэ сиригэр-уотугар үүннэриллибит бурдукган
         килиэп сиир буоллулар. Холобура “Лена” ПО быйыл 22.5 тоннаны
         ылан  нэһилиэктэргэ  тарҕаппыт.  М антан  си эттэрэн  улуус
         нэһилиэнньэтэ сөп буолар бурдугун бэйэбит үүннэрэн хаачыныах-
         пытын  сөп  дуо  диэн  Иннокентий  Иннокентьевичтан  ыйытан
         көрдүм. Бурдук үүннэриитигэр балачча эмит келөһүнүн тохпут киһи
         быһыьггьшан ааҕан-суоттаан көрөн баран ыарахан соҕус буолуо диэтэ.
         С элиэһинэй  олус  көрүүлээх,  бүөбэй дээтэххи нэ  тугу  эмит
         ситиһиэххин сөп,  онон  биһиги усулуобуйабытыгар  бэйэҕэ турар
         сыаната олус үрдүүр диэн быһаарда. Арай эбии миэлиҥсэ туруоран


                                      66
   65   66   67   68   69   70   71   72   73   74   75