Page 1 - Л,Р,Кулаковская
P. 1

26.03.2020 | 09:56

                  Лариса                   Реасовна                     КУЛАКОВСКАЯ:

                  "Олохтоох  дьонтон  тугунан  эрэ  уһулуччу


                  буолуохтааххын"









































                  Бүгүн  биһиги  улуу  дьон  сыдьаана,  билигин  Сербияҕа  олорор  Лариса  Реасовна
                  Кулаковская интервьютун таһаарабыт.

                  - Мин бэйэм ийэ киһи буоларым быһыытынан, куруук толкуйдуубун: оҕолорбун хайдах
                  сөпкө, тугу да сыыспакка үчүгэй киһини иитэн таһаарабын диэн. Холобур, Эн, чахчы
                  улуу дьонтон сыдьааннааххын, эйиигин хайдах ииппиттэрин билиэхпин баҕарабын.

                  -  Оҕо  иитиитэ  хаһан  баҕарар  ,  ханнык  да  омукка  тыын  боппуруос  .  Эн  ыччатын
                  эйигиннээҕэр  ситиһиилээх,  эйиигиттэн  ордук  дьон  эрэ  буоллаҕына  аймах  сайдар,
                  инникилэнэр  буоллаҕа  эбээт.  Киһи  аймах  ол  эрэ  инниттэн  олордоҕо  дии,  ыччатын
                  кэскиллээх оҥороору. Өксөкүлээх эппитинии “Аан дайдыттан арахсарбытыгар ааппытын
                  эрэ ааттатыа этэ” диэн .
   1   2   3   4   5   6