Page 2 - Л,Р,Кулаковская
P. 2
Биһиги Сэбиэскэй кэмҥэ улааппыт дьоммут. Ол саҕана , киһи -аймах сыаннастара атын
буолар этэ. Ийэ Дойдуга бэриниилээх , омуктар икки ардыларыгар эйэлээх , Үлэ киһитэ
бочуоттаах буолуу кэмэ этэ. Онон , син атын оҕолор курдук,ол сыаннастарга иитиллэн
тахсыбыппыт.
Төрөппүттэрбит кинигэ ааҕыытын, эт- хаан өттүнэн чэгиэн буолары ирдииллэрэ. Хайаан
да бары дьарыктаах буоларбытын тэрийэллэрэ. Ким да, хаһан да туос иллэҥ сылдьарын
өйдөөбөппүн: дьиэ ис-тас үлэтэ, кинигэ ааҕыыта, дьиэтээҕи садаанньыйа толоруу, остуол
оонньууларыгар күрэх, араас куруһуоктар, спорт секциялара... Телевизоры даҕаны
бириэмэлээн , оҕоҕо аналлаах эрэ биэриилэри көрдөрөллөрө. Ол оннугар, аҕабыт, Реас
Алексеевич, киэһэ аайы утуйарбытыгар остуоруйа, көрбүт киинэлэрин, аахпыт
кинигэлэрин кэпсээн улаатыннарбыта. Оттон ийэбит, Татьяна Паповна , ас-таҥас өттүн
дьаһайара, күннээҕи режими тутуһарбытын хонтуруоллуура. Саамай улахан ирдэбиллэрэ,
бэйэ-бэйэбит икки ардыгар убаастабыллаах , эйэлээх сыһыан буоларын, кырдьыксыт,
дьоҥҥо ытыктабыллаах сыһыаннаах уонна сүрэхтээх буолары модьуйаллара.
Чычымахтарга махтанабыт
-Бииргэ төрөөбүттэр ахсыа этибит. Икки ардыбыт даҕаны син балачча улахан. Мин улахан
эдьиийбиттэн сүүрбэ сыл балыспын. Кини оҕолорун кытта биир көлүөнэбит. Ол иһин да
буолуо, улахаттар бэйэлэрэ биир сомоҕолор, оттон биһиги кыралар туспа
“хампааньыйабыт”. Оҕо эрдэхпитинэ Таатта улууһугар Чычымах диэн наһаа кыраһыабай
сиргэ улааппыппыт. Сайынын улахаттарбыт сир аһын хомуйан, от оттоон соло булбат
этилэр. Мин кыралары оҕолоон , “дьиэ бөҕө” буолан, Аммабытыгар сөтүөлээн , күнү быһа
оонньоон оҕо саас дьолун билбитим.
Ити Эн, Улуу киһи сыдьаана буолар эппиэтинэстээҕин , хайдах дьиэбитигэр Өксөкүлээх
сиэннэрин ииппиттэрин ыйытаҕын дии?

