Page 38 - Олоҥхо биһигэр
P. 38
7. ПАНТИЛОВ ГАВРИЛ ВАСИЛЬЕВИЧ-
ХАРАЛҔАН ХАБЫРЫЫС
I Өлтөххө Арҕаа Бахсы аҕатыи ууһугар Мааппа үрүйэтигэр олор-
бута. Бэйэтин кэмигэр биллэр олоҥхоһут эбит.
Олоҥхото:
1. Сылгы уола Дыырай Бэргэн.
Охлопков П.А. бу олоҥхону кини олоҥхолуурун билэр эбит.
II ӨЛТӨХ НЭҺИЛИЭГЭ
1. ГОВОРОВ ДМИТРИЙ МИХАЙЛОВИЧ-
ОЛОҤХОҺУТ МИИТЭРЭЙ
( 1 8 4 8 - 1 9 4 2 )
Саха сиригэр киэҥник биллибит олоҥхоһут. Итини таһынан
тойуксут, сэһэнньит. ССРС Суруйааччыларын союһун чилиэнэ. Дьо-
куускайга, Бүлүүгэ, Верхоянскайга, Булуҥҥа, Бодойбоҕо, Дьааҥыга,
Аляскаҕа тиийэ сылдьыбыт. Олоҥхолуурга Иван Охлопков-Чочойбох
үөрэппит. «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхото 1938 сыллаахха туспа кинигэнэн
бэчээттэммитэ, 2003 с. Е.С.Сидоров нууччалыы тылбааһынан «Не
победимый Мюльджю Беге» диэн кинигэнэн таҕыста.
Олоҥхото:
1. Эҥсилгэннээх сырыылаах, илбистээх итир былыт аттаах эр-
бэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр Эрбэхтэй Бэргэн. Данилов Г.В. 1930 с.
суруйбут.
2. Мүлдьү Бөҕө 1937 с. (5 ф., 7 уоп., 128/80/дь. 5 ф., 7 уоп., 30 дь.)
3. Мүлдьү Бөҕө. Бояров А.Ф. 1935 с. суруйбут. (5 ф., 7 уоп.,
28(80)дь.)
Сидоров Е.С. тылбааһа «Непобедимый Мюльджю Беге» Дьо-
куускай, 2003 с.
4. Хахсааттыыр Хардаҥ Буурай уола Үөлэн Хардааччы. 1938 с.
суруллубут, ким суруйбута чуолкайа суох. (5 ф., 7 уоп., 123(22) дь.)
5. Баһымньы Баатыр.
6. Хаан Дьааһын.
7. Кыыс Ньургун.
8. Эрбэхтэй Бэргэн. Данилов Г.В. 1942 с. суруйбут. (5 ф., 7 уоп.,
58(80) дь.)
9. Эрбэхтэй Бэргэн. Говоров И.М. 1938с. суруйбут. (5 ф., 7 уоп.,
29(77) дь.)
4-с, 5-с, 6-с олоҥхолор репертуар испииһэгэр бааллар.
1. Д.М. Говоров. Эрбэхтэй Бэргэн / / Творчество якутского на
рода, — Якутск, 1942. — С. 29 — 35.
34

