Page 42 - Олоҥхо биһигэр
P. 42

тиэйэ сылдьан олоҥхолотоллор, остуоруйалаталлар эбит.  Кэргэннэм-
        мэтэх,  оҕо-уруу  суох.  «Төһө да  кырыйдар  хоҥкунатан  киэҥ,  дьикти
        куоластааҕа», — диэн кырдьаҕастар ахталлар. «Эдэрбэр бэйэм куолас-
        пыттан бэйэм дөйөрүм,  онон кулгаахпын саба туттан ыллыырым», —
        диэн  олоҥхоһут бэйэтэ дьоҥҥо  кэпсиирэ  үһү.

            7.  ВАСИЛЬЕВ  САВВА НИКОЛАЕВИЧ-ЧУКУЛЛА СААБАТА
             Отутус  сылларга  алта  уончалааҕар  өлбүт.  Суруйааччы  С.С.  Ва­
        сильев  кини  олоҥхотун  истибит.
                8.  ВАСИЛЬЕВ  УСТИН  САВВИЧ-ТЭРЭЭТ ҮСТҮҮН

             Отутус  сылларга  50-чалааҕар  өлбүт.  Суруйааччы  С.С.  Васильев
        кини  олонхотун  истибит.
                     9.  КОЛЕСОВ  НИКИФОР-МИКИИППЭР

             Наара  Суоҕу  сүрэхтээбит  аҕата.  Наара  Суох  киниттэн  олоҥхо-
        луурга  үөрэммит.
             Олоҥхото:
             1.     Мойбор Болуо диэн тойон аҕалаах,  Өлүү  Үтүгэллэй эмээхсин
        ийэлээх  Күлүк  Үөлэн  Хара  Кыыртай.
             (Көр:  Охлопков  П.А.  —  I  Суотту нэһилиэгэ).
                   10.  ЛЬВОВ  МИХАИЛ-КҮНДЭЭР  МЭХЭЭЛЭ

             1916  сыллаахха  40-чалааҕар  уҥуох  сөтөлө  буолан  өлбүт.  Кураа-
        нах иһит лыҥкыныыр,  киһи «ходьох» гына түһэр олус улахан, киэҥ,
        күүстээх  куоластааҕа  үһү.  Кини  Сөдүөт  Бүөтүккэтин  олоҥхолорун
        олоҥхолообут.  Кэргэнэ  кэлин  М эҥэ  киһитигэр  эргэ  баран,  икки
        уолун  онно  илдьэ барбыт.
         11.   НЕУСТРОЕВ  ТИМОФЕЙ  КУЗЬМИЧ-ХОНОЙ  ТҮМЭППИЙ
             1872  сыллаахха  Суоттуга  төрөөбүт.  Уһуннук  олохсуйбут  сирэ
        Саһылыкаан.  Суоттуга  көмүллүбүт.  Колхозтаах.  Дьааҥыга,  Булуҥ-
        ҥа,  Томмокко  хара  үлэһитинэн  сылдьыбыт.  50-тан  идэтийэн
        олоҥхолообут.
             Олоҥхото:
             1.  Мүлдьү  Бөҕө (Говоров Д.М.  олоҥхото).
             2.  Буудаҕа  Моой  (Наара  Суох  олоҥхото).
             3.  Хаан Дьаарсын  (Окоемов  Е.С.  олоҥхото)  Чиряев  В.Г.  1941  с.
        суруйбут.  (5  ф.,  7 уон.,  98(62) дь.)
             1 -3 олоҥхолор норуот айар идэлээхтэрин  паспордарыттан ылы-
        лынна.  (5  ф.,  3  уоп.,  854 дь.)
             4.  Хаан Дьаргыстай  (Окоемов  Е.С.  олоҥхото).

        38
   37   38   39   40   41   42   43   44   45   46   47