Page 39 - Олоҥхо биһигэр
P. 39
2. ГОВОРОВ ИВАН ИВАНОВИЧ-УЙБААНАБЫС
( 1 8 7 4 - 1 9 6 0 )
1959 сыллаахха 90-чатыгар өлбүт. Бороҕон улууһун нэһилиэктэри-
гэр биһирэппит олоҥхоһут.
Олоҥхото:
1. Хаан Дьаргыстай. Говоров Н.М. 1941 с. суруйбут. (5 ф., 7 уоп.,
96(95) дь.)
3. ГОВОРОВ НИКОЛАЙ МИХАЙЛОВИЧ
( 1 8 7 8 - 1 9 3 9 )
Говоров И.И. бииргэ төрөөбүт быраата. «Кыһыл кэккэ» колхоз
чилиэнэ. 1933 — 1938 сс. Булуҥҥа олоро сылдьыбыт.
Олоҥхото:
1. Кытыгырас Быраанчай.
4. ГОВОРОВ МИХАИЛ ФЕДОТОВИЧ
( 1 8 6 1 - 1 9 3 7 )
Бэйэтин нэһилиэгэр Говоров Д.М .-Олоҥхоһут М иитэрэй
кэнниттэн иккис олоҥхоһутунан биллэрэ үһү. Быстар дьаданы. Кэлин
«Кыһыл кэккэ» колхоз чилиэнэ. Олоҥхолоро суруллубатахтар.
5. ДАНИЛОВ ИВАН ИВАНОВИЧ-ТОЙТУУН УЙБААН
( 1 8 9 1 - 1 9 7 3 )
Чугас нэһилиэктэригэр биллэр олоҥхоһут, сэһэнньит. Үөрэҕэ
суох. Советскай былаас олохтонорун кытта Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн,
онтон сэкирэтээринэн уонча сыл, «Победа» колхозка биригэдьиири-
нэн, булчутунан, 1948—60 сс. атыылааччынан үлэлээбит. 1957, 1960
сыллардаахха ТЛИ И үлэһиттэрэ икки төгүл кэлэ сылдьан оҕонньортон
хас да кэпсээни суруйан барбыттар.
Иван Данилов 1934 сыллаахха Дмитрий Говоровтыын Саха си
рин суруйааччыларын I съеһигэр кыттыыны ылбыта. А.Ф.Бояровы,
П.А. Ойуунускайы көрсөн сэһэргэспитэ. Саха биир мындыр өйдөөҕө.
Бастакы техника кэлиитигэр техникаҕа олус сыһыаннаах буолан
колхоз үлэтигэр улаханнык туһалаабыт.
Олоҥхото:
1. Бурҕааттаах кутуруктаах, халырыктаах сиэллээх, хамсыктаах
айаннаах, хардарыылаах атахтаах, хаалдьыгынан оонньуур Хахай сиэр
аттаах Хаан Дьааһын бухатыыр.
(Олоҥхо сюжета И В. Пухов архивыгар баар.)
1. Пухов И.В. Исполнение олонхо //Доклады на второй научной
сессии. — Якутск. — С. 141.
2. Иванов О. Уус тыллаах олоҥхоһут //Ленинскэй тэрийээччи.
— 1967. — Балаҕан ыйын 28 күнэ.
з* 35

