Page 31 - Алаатыыр Ала Туйгун 1 ч.
P. 31
Устатын мунурдаабатах,
30 Уладатын чиэрэстээбэтэх,
Оломноон туораабатах
Уста долгуйа турар
Убадас дьэн кэ
Улуу куйаар муорам
Хабыллар хаба ортотугар,
Субу баар
Улуу дойдум
Тойон КЫЫЛЫН *
Толбонноох сымыытын курдук
40 Чочуллан мээкэйдэнэн,
Т уол ан-томтойон,
Т унал ыйан -арадастыйан,
Дьуларыйан-киэркэйэн уескээбит.
Толбоннурар ньуурун урут ертугэр
Анныттан адаарыйан тахсан,
АалсыЬа оонньуу турар
Адаар муус
Анысханнаах таЬаалаах
Сиксигиттэн тэбиэЬирэн,
50 Тэйэн тиийэн кэлэр
Сэттэ уон сэттэ
Дьэллик дьэргэлгэн
Сибиэ холорук
Силлиэ-буурда тыыннаах,
Сэттэ уестээх
Дьиикэй байдалларым
Дьэбидийэр дирин' сиксиктэриттэн
Ортотуттан уодуран,
Бууралыы чочолуйа оонньуур
60 Толоос томороон долгуннаах,
Суостуганнаах уордалаах
Тодус уестээх
Тумарык муораларым
Му ну рун булларбатах
Бууладалаах дьуода хара тугэхтэриттэн
Тутаахтанан уескээбит,
Уктуетэр сууллубат *,
Баттаатар маталдьыйбат,
Тилэхтээтэр ньиргийбэт,
70 Тобуктаатар тулхадыйбат,
Кэйбэлдьийбэт-иэдэлдьийбэт
- 27 -

