Page 209 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 209

С И Р   У У С Т А Р А
                     'Сатыы  ойууру 'быыһынан
                     Сандаарыччы  элэҥнээн,
                     Сарсыардааҥы унаар  кун
                     Саҥа  тахсан  чаҕылыйда,
                     Кыырай  халлааны  кырсынан
                     Кылбаарыйа  күлүмнээн,
                     Эҕэрдэлээх  итии  күн
                      Ийэ  сири  сырайда.
                     Толоон-налыы  иэниттэн
                     Тунаарыйар  думай  сник
                     Көтөн  унааран  тахсан,
                     Күөх  куула тиит
                     Тылбаа  нуоҕай  чыпчаалын
                     Тыаһа  суох  имэрийдэ,
                      Үруҥ  былыт  буолан,
                     Өрө  көтөн  күдээрийдэ.
                     Симэн-нуктаан дурбут
                     Синньэ күвх сибэкки,
                     Сиһин  көннөрон,
                     Сэргэхсийэн  чэмэлийдэ;
                     Күөгэйэ нуурайан  турбут
                      Күөх  чопчу  сибэкки,
                      Көмүс твбөгүн  көгөҕөн,
                      Көнньүөрэн  арылыйда.
                     Оибэккиттэн  сибэккигэ,
                      Сэбирдэх курду к тэлибирээн,
                      Үрүн-  үрүмэччи
                      Үөһэ-аллара тырыбыныыр.
                                 203
   204   205   206   207   208   209   210   211   212   213   214