Page 252 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 252
эл и э
Эбир дьаҕыл дьүһүннээх,
Эрбээһиннээх кынаттаах
Элиэ кыыл обургу,
Иҥэрсийэ саҥаран,
Эн хоту дойдуга
Эррийэн элээрэн кэлээр.
Эбэм Лена кытыла
Элэҥ-сэлэҥ харааран
Элэмэстийэн көстүөҕэ.
Хайдыы-дьураа ахсынан
Халаан уута халыһыйан
Халлыгырыы сүүрүөҕэ.
Өҕүллүбэт кынаттаах
Үрүҥ көмүс самолет
Үрдүгүнэн куугунуо.
Араас үгүс тиэйиилээх
Ааттаах түргэн боробуос
Анныгынан дьурулуо.
Иҥсэҕинэн диэлийэн,
Элгээн ыалын кэрийэн,
Иэдьэгэйи уорумаар!
Куугунаан, үөһэттэн. түһэн,
Кус оҕотун кытаахтаамаар,
Кууруссаны да куттаамаар!
1950 с.
246

